Page 118 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 118

диэкиттэн чараас тыа улаҕатыттан сииктээх сөрүүн тыал охсу-
             лунна, ыраас уу ньулуун сыта билиннэ.
                Микиитэ сүрэҕэ итийдэ, таныыта хамсаата, хараҕа уоттан-
             на, ийэтин икки өттүнэн быгыалаата, иннигэр түстэ.
                — Ийээ, мин бардым! — иннин диэки сапсыйан кэбистэ.
                — Ыы,  чыычаахпын  даа…  —  Сөдүөччүйэ  сүүһүн  көлөһүнүн
             өрө сотунна, сүгэн иһэр таһаҕаһын аҥаар санныгар уларытан
             уурда.
                Ыҥыыр  аттаах,  сатыы  дьон  сылдьар  тыа  соломмотох  суо-
             ла  төҥүргэһи,  сыгынаҕы  тумнуталаан,  ойууру,  аппаны  эргий-
             тэлээн,  араастаан  эрийэ-буруйа  барар.  Ол  сүүрэргэ  ордук
             үчүгэйгэ дылы, суол тоҕойун анараа өттүгэр айылҕа caҥаттан
             саҥа  эгэлгэ  дьикти  көрүҥнэрэ  арыллан  иһиэххэ  айылаахтар.
             Өрүтэ ойон дьиэрэҥкэйдээмэхтээн ыла-ыла, Микиитэ сүүрэн
             истэ.
                Онтон  тыа  быыһынан  Талба  уута  хотуур  иэдэһин  курдук
             килбэс  гынан  ааста.  Микиитэ  сис  эниэтин  таҥнары  сүүрэн,
             улам тэбиллэн, түргэтээн истэ. Хотуур иэдэһин курдук килбиэн
             улам  кэтирээн  истэ.  Онтон  Талба  coҕотохто  толору  арыллан
             нэлэс  гына  түстэ.  Микиитэ  сыыр  үрдүгэр  чугурус  гынан  тох-
             тоото.  Икки  өттүнэн  хайыспахтаан,  өpүһү  өрө-таҥнары  олоо-
             тоомохтоон көрдө.
                Сатаан  кэпсэммэт,  кыайан  хоһуйуллубат  кэрэ  Талба  өрүс
             килбэһийэ тэлгэнэн, нэлэһийэ устар. Дьарҕаа таас түгэҕэ ууну
             курдаттыы  дьэрэлийэн  көстөр.  Оол,  ыраах  үөскэ,  сыалыһар
             малаарыҥныы  сылдьан,  эмискэччи  тарас-хаптас  гынан,  ууга
             симэлийэн хаалла. Ол иһин даа!.. Ypдүнэн бил балык мөҥүл-
             лэҥнээн,  халыйталаан  ааста  эбээт.  Үөскэ  үрүҥ  көмүс  кыым-
             нар  күлүмүрдэһэллэр.  Ити  күн  уота  ууга  оонньуур.  Уҥуор гу
             эмпэрэ  кытыыны  будьурхай  төбөлөөх  иирэ  талах  модьоҕо-
             лоон  турар.  Ол  күлүгэр  уу  күөх  баархат  курдук  хамсаабакка
             мөлбөйөр,  өссө  хойууга  дылы.  Ол  үрдүнэн  тиһилик  мөҥүөн
             хайалар халлааҥҥа үөмэхтэспиттэр. Хайалар үрдүлэринэн тү-
             гэҕэ биллибэт баай хара тыа сыҥаһалана-сыҥаһалана, үрдээ-
             тэр үрдээн, өрөһөлөнөн тахса турар.
                Дьэҥкир ыраас салгын, туох барыта сүрдээх ыраахха диэ-
             ри  чуолкайдык  көстөр,  кыччыыр  эрэ,  түппэҕирбэт,  тумарык-
             тыйбат.  Оол  yҥyopry  өрө  үллэн  тахса  турар  тыа  үөһүгэр  хас
             лабаа хамсыыра барыта көстөргө дылы. Ол тыа үрдүнэн хотой
             кыыл модун табыталларынан холку-холкутук баттаталаан, көй
             салгыҥҥа  уста  сылдьар.  Кини  хас  чыллырыыт  куорсуннара,

              118
   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123