Page 116 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 116
— Оо, бу сараһын тылын истиҥ эрэ! Аны миигин күлүүһүн-
ньүк кыыс оҥостоору гынна дии! Киэр буола тарт! — дьахтар
арыылаах тымтайы мадьаччы көтөхпүтүнэн таһырдьаны был-
дьаста.
Сорохтор ыраахтааҕы кумааҕы харчытын аҕалан биэрэл-
лэр. Эмээхсин харчыны ньилбэгэр ууран, ытыһынан тэниччи
соппох тоон баран, күөрэччи тутан ыйдаҥардан көрөр, тоҕо эрэ
тэбии түһэр уонна түөрт муннуктуу суулаан, халыйбыт хала-
даай ырбаахытын сиэбигэр кудумньулуу анньынан кэбиһэр.
Сотору чэйгэ ыҥырдылар, эмээхсин хара бэкир киһитигэр
туора сапсыйан кэбистэ, оргууй түөһүллэн туран кэллэ. Дьон
ампаартан тахсыбытынан бардылар.
Дьиэ күлүгэр күөх окко остуол сирэйдэрин уурталаан чэй
тардыбыттар. Микиитэ ийэтин уонна атын мара дьону кытта
ойоҕоско туран, эмээхсин малҕаҕар сирэйэ кини диэки хайыс-
таҕына хайдах эрэ этэ саласпахтыыр.
— Кинээс кэнниттэн иккис чааскыны миэхэ кутар буол диэ-
битим эбээт! Туох акаары чиччигэй, доҕор! — эмээхсин чор-
гуйа түстэ, чэй кутааччы кыыһы кырыктаахтык кынчарыйан
олордо.
Чааскыны бэйэтин диэки тардан эрэр киһи төттөрү анньан
кэбистэ уонна эмээхсин чааскытын ылыар диэри көһүтэн
олордо.
Тылбытын байытабыт
Ньучураан, солуотунньук, кудумньулуу диэн тыллар суолтала-
рын быһаарыҥ.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Ийэлээх уол баайдарга сырыылара хайдах ааста?
2. «Эмээхсиҥҥэ аналлаах арыыны ыйааһыныттан ордор гына
тоҥорон аҕалаллар эбит»: бу түгэҥҥэ киһи ханнык хаачыс
тыбата көстөрүй?
3. «Тыһын саҕатыгар диэри ньыламан маҥан, кутуругун төр
дүгэр диэри кубалҕай маҥан!» — диэн Микиитэ кими ойуу
лаата.
116