Page 113 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 113

аналгыт  биһиэниттэн  атын  буолуо…  Чэ,  соруйан  aҥaаp  уһу-
         гуттан сылдьыталаан иһиэххэ. Бу — оҕонньордоох бэйэлэрин
         дьиэлэрэ. Урут бу эрэ дьиэ баар этэ, атыттарын кэнники тут-
         тубуттар.
            Иккис дьиэҕэ киирдилэр. Аһыллан турар ааннаах киэҥ хос
         ортотугар  кэтит  олох  маска  тиэрэ  түһэн,  Уйбаан  оҕонньор,
         улуу  кырдьаҕас,  нухарыйа  олорор  эбит.  Тарбахтарын  харда-
         рыта  тутан,  халыйбыт  хаһатын  харбаммыт,  маҥан  баттахтаах
         төбөтүн хоҥкуппут. Оҕонньор улаҕатыттан сүүнэ улахан күөрт
         ыт туран кэллэ, тыыллаҥнаата, дьааһыйан, кыһыл тылын усту-
         руус көөбүлүн курдук иэҕэн таһаарда.
            Сөдүөччүйэлээх  оргууй  кэннилэринэн  чугуруҥнаан  төннөн
         таҕыстылар.
            — Улахан  кинээс…  —  диэн  ботугураата  Сөдүөччүйэ  дьиэт-
         тэн тэйэ хаампахтаан баран.
            — Биһиги Дулҕалаахпытын Бэһиэлэйэптэргэ кини былдьаан
         ылан биэртэ дии…
            — Кини буолбакка. Кини бэйэлээх үтүө дьаһала.
            — Ырҕайа сытыйбыты иһин дэлби…
            — Сүгүн! Дьон истиэхтэрэ… Бу дьиэҕэ киирэн… — Сөдүөч-
         чү йэ эмискэччи чугурус гынан тохтуу түстэ, сирэйэ үөрүүлээх
         мичигинэн сырдаан кэллэ.
            Yhүc  дьиэ  ааныгар  эт  тутан  өссө  ордук  төлөһүйбүт,  кэрэ-
         тийбит Аанчык тахсан турар. Дьахтар барахсан үтүө да дьүһүн-
         нээх,  көнө  да  уҥуохтаах  буолар  эбит!  Хараҥатыны  саһархай
         харахтара аһыммыт курдук имэрийэ көрбүттэр. Кэтэҕэр өрөһө-
         лүү  эриммит  чачархайдыҥы  баттаҕын  ньалҕаарыччы  тараам-
         мыта, муус-маҥан куйахата сииктэнэн көстүбүт. Тыллыбытынан
         хатыҥ  сэбирдэҕэ  ойуулаах  маҥан  ырбаахыта  көнө  бэйэтин
         килбиктик  таарыйан  сайбаарыйбыт.  Аанчык  чочуламмыт  то-
         лору  харыларын  күөрэччи  тутан,  кырыбыайкатын  көннөрүнэ
         турар.
            — Аанчыа-ак! — сүр эйэҕэс куолаһынан сибигинэйэ былаан
         Сөдүөччүйэ ыҥырда.
            Аанчык  илиилэрин  кэтэҕиттэн  араарбакка  эрэ,  кыҥначчы
         туттан одууласпахтаан баран, ахсарбатах соҕустук ыйытта:
            — Эн кимҥиний?
            — Сөдүөччүйэбин ээ. Эйигин үгүстүк сүктүм ини…
            — Дьөгүөрэптэргэ хамначчыттыыр сурахтааҕыҥ дии.
            — Онтон  уурайбытым.  Билигин  бэйэм  балаҕаммар  олоро-
         бун. — Сөдүөччүйэ күөн туттардыы күө-бааччы кэпсээтэ.
            — Үчүгэй. Чэ киириҥ. — Төбөтүттэн илиилэрин дьэ арааран,

                                                                      113
   108   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118