Page 115 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 115
— Маамаҕар да олорбутум, син бу тыыннаах сылдьаахтыы-
бын ээ!
…
Балааҕыйа эмээхсин тиһилик ампаардарыттан биирдэригэр
арыынан, харчынан иэһин-күүһүн тута олорор. Чабычах сии-
гин суола кэрдьигинээн хаалбыт арыыны сөмүйэтин төбөтүнэн
баттыалаан көрөн баран:
— Чэ ыйаа! — диэн хара бэкир киһиэхэ ордоотоото.
Арыы ыйанаат, ханна эрэ сүтэн хаалла. Арыылаах илии
лабайдаабыт көлөһүннээх хара килийээҥки тастаах тэтэрээ-
ти эмээхсин хараҕар сыһыары тутан көрүөлээтэ уонна харан-
дааһынан биир сиргэ хараарда сотон кэбистэ. Атынтан атын
дьон арыылара ыйана-ыйана сүтэн истилэр.
Эмээхсин кыыһыран кыбдьырына түстэ:
— Бу тугуой?
— Арыы… — мара таҥастаах аҕам дьахтар аан диэки чугу-
руҥнаата…
— Көҕөрө сытыйбыат, сирэйиҥ сааппат дуо! Киэр гын! Хо-
тонуҥ бөҕүгэр үҥкүрүтэн аҕалбыккын буолбат дуо?
Арыыта көлөһүннээх буолан үөҕүллүбүт дьахтар, киһи ис-
тибэт гына тугу эрэ ботугуруу-ботугуруу, арыытын харбаан
ылаат, тахсан барда.
Эмээхсиҥҥэ аналлаах арыыны ыйааһыныттан ордор гына
тоҥорон аҕалаллар эбит. Биир арыы ыйааһыныгар эрэ сөп
буолбутугар, эмээхсин өрө халаатыы түстэ.
— Сордоох оҕолор, кыл тардан мээрэйдээбитиҥ буолуо.
Биир солуотунньугу ордук биэрэргин соҕотох хараххын тэһэ
анньынар курдук саныыгын… Киэр буол, соххор!
…
Тобугун эрэ сабар кылгас, ыраас сиидэс ырбаахылаах, үрүҥ
кубаҕай эдэр дьахтар арыыта арыый итэҕэс курдук көһүннэ.
Киэҥ айдаан манна таҕыста, элбэх быдьар тыл манна эти-
линнэ.
— Киэр буол, икки харахпар көстүмэ! Бу догдоҥолуу сытый-
быт дьүһүнүн көрүҥ эрэ!
Дьахтар, тугу гыныан булбакка, тэпсэҥэлии турбахтаан ба-
ран эттэ:
— Оттон арыы манна хааллаҕына, итэҕэһин сарсын туспа
аҕалан биэрдэхпинэ?..
Эмээхсин олох маска тиэрэ түстэ, атаҕынан сири тиҥилэх-
тээтэ.
115