Page 120 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 120

кыайбыттара  чахчы!  Ордук  Серго!  Саха  баайдара  алыс  киэ-
             бирэллэр диэн Ленинтэн сэрии көрдөөн ылан, ыыппыт дии.
                — Ону барытын кини көрөн-истэн кэлбит киһи курдук кэп-
             сээн  эрдэҕин  көр!  —  Сөдүөччүйэ  оҕотун  таптыыр  хараҕынан
             одуулаһан, сирэйэ эйэҕэстик сырдыы истэ.
                — Билээхтиир  буоллаҕым  дии!  Аны  баайдар  дьыалалара
             хаахтыйдаҕа диэн кэбис! Аны кинилэргэ атаҕастатар холоон!
                Аҕыйах  биэрэстэни  тулуппатылар,  Бүтэйдэригэр  тиийэ
             оҕус тулар, кыракый балаҕаннара көһүннэ.
                Микиитэ балаҕаныгар сүүрэн тиийэн хаһыытаабытынан кө-
             төн түстэ.
                — Дорооболоруҥ, доҕоттор! Куоракка биһиги дьоммут кыай-
             быттар! Сир биһиэнэ буолбут! Баайдары киэр үүртэлиэххэ!
                Эрдэлиир Миитэрэй баар эбит, ураатаабытынан ойон тур-
             да, ытыһын охсуммутунан барда.
                Охоноос Наҕылтан төннө илик буолан, куораты большевик-
             тар ылбыттарын туһунан сонуну аан маҥнай Микиитэ аҕалла.
                Maҥнайгы үөрүү-көтүү арыый намырыйарын кытта, Микии-
             тэ  этэрбэстэрин  орон  анныгар  элитэлээтэ,  ыстаанын  өрүтэ
             тардыммахтаата, быраатын Өлөксөйү көрсө охсоору, Арамаан
             Дьөгүөрэптээххэ ыстанна.
                Өлөксөй эбэтигэр барбыт.
                Мутугунан  төҥүргэстэри  быраҕаттыы-быраҕаттыы,  чараас
             тыаны  быһа  түһэн,  Өлөксөй  утары  иһэр  эбит.  Убайын  көрө
             түһээт, үөрэн мичик гынна уонна көрбөтөҕө буолан, умса тут-
             тан  кэбистэ.  Микиитэ  төҥүргэс  кэннигэр  саспыта  буолла.
             Өлөксөй  билбэтэх  буолан  аттынан  ааһан  истэҕинэ,  Микиитэ
             «хых!» диэтэ. Дьиибэргээбитэ буолан, ол-бу диэки көрүөлээн
             баран, Өлөксөй кэлэн төҥүргэһи мутугунан оҕуста:
                — Туох баарый, манна?! Ээ, эн эбиккин дуу? — диэн, кини
             ахсарбатах быһыынан аат эрэ харата caҥарда.
                Хайалара да тугу да кыайан caҥарбакка, тыа адырҕайдана
             хаппыт суолунан атах сыгынньаҕын баран истилэр.
                — Биһиги кэллибит ээ, — диэтэ онтон Микиитэ.
                — Эһиги кэлбит эбиккит дуу… Мин балаҕан кэннигэр чыы-
             чаах  уйатын  булбутум  уонна  Арамааннаах  ампаардарыттан
             биир ытыы доруобунньугу хаспытым…
                Кинилэр кэпсэтиилэрэ тахсыбата.
                — Өлөксөй, эн миигин аҕынныҥ дуо?
                — Ээ… Кыра оҕоҕо дылы…
                Үөскээбит  быллаардарын  быыһыгар  дуоһуйа  оонньоон,
             араа һы сэһэргэһэн, сарсын Талбаҕа сөтүөлүү киириэх буолан

              120
   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125