Page 125 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 125

— Онон,  дуҕаар,  эн…  —  диэн,  туох  эрэ  бэрт  наадалааҕы
         миэхэ этиэх курдук эҥээрийэн иһэн, тохтоон хаалла.
            Мин чөрбөс гына түстүм быһыылаах, кэтэспэхтээн олордум:
            — Туох баарый, Платон Алексеевич?
            — Онон, дуҕаар, эн, били, маннааҕы Өссүөнтэй уол быраата
         эбит буоллаҕыҥ дуу?
            — Убайа этим… (А. Мординов философия уонна литерату-
         ра институтун бүтэрэн эрэрэ.)
            — Ээ! Оччоҕо били Амма Аччыгыйа диэн ааттаах суруйаач-
         чыбыт субу кэлэн олорор эбит буоллаҕыҥ дии?!
            Ойуччу  ыллахха, киһи  чахчы өһүргэнэр тыллара  эбээт ити!
         «Тугу  этэллэрэ  мэлдьи  суолталаах  буолбатах,  хайдах  этэл-
         лэрэ, ол мэлдьи суолталаах», — диир этэ М. Горькай. Өһүргэс
         да киһи кыайан өһүргэммэт гына, сатаан эйэҕэстик оонньоон
         саҥарар  буолара  Платон  Алексеевич…  Оҕотун  ыытымаары,
         антах диэки иҥнэри туттан баран, дириҥник хаһылыйбыт сыр-
         дык саһархай харахтарынан наһаа сылаас тэбэнэттээхтик мии-
         гин одуулаһан кэбиспит, чорбоҕор соҕус үөһээ уоһун сөтөрүччү
         туттан,  сүр  эйэҕэстик,  доҕордуу  мичээрдээбит.  Өһүргэниэх-
         тээҕэр, үөрэ түстүм:
            — Дьэ, субу кэлэн олоробун!..
            Дьиэлээҕим улам күлэн-оонньоон, ирэн-хорон истэ:
            — Били ытарҕалаах ыспыраанньыгым ханна барбыта эбитэ
         буолла?  Чэйдиэх-табахтыах  баар  эбит.  Оскуолабар  даҕаны
         хойутуур «оҕо» буоллум быһыылаах…
            Аҕыйах  хонугунан  Ойуунускайга  быһаарыылаах  куоластаах
         делегат мандаата тиийэн кэллэ….
            Съезкэ мэлдьи бииргэ олоробут, бииргэ сылдьабыт, бииргэ
         аһыыбыт. Делегаттарга анаан таһаарбыт көстүүмнэрин биир гэ
         баран  атыыластыбыт.  Мин  Күннүк  Уурастыырапка  анаан  бэ-
         йэбэр  кэмниирбиттэн  кини  күллэ.  Барытыгар  бэйэтин  кытта
         тэбис-тэҥ  киһи  курдук  миэхэ  сыһыаннаһар,  сэһэргэһэр,  дьо-
         ну кытта билиһиннэрэр. В. И. Ленин туһунан киһи иһиттэр-ис-
         тиэн курдук истиҥник, тапталлаахтык сэһэргиир, М. Горькайы,
         өртөн ахтыбыт тапталлаах убайын курдук, умсугуйа көрбөхтүү
         олорор  буолар.  Президиумҥа  кини  суох  буоллаҕына:  «Оҕон-
         ньорбут бүгүн кэлимээри гынна эбээт, бадаҕа, Ньукулаай», —
         диэн  хомойбуттуу  саҥарар,  эбэтэр:  «Э,  дьэ,  иһэр!»  —  диэн
         үөрэ түһэр.
            Мин киниттэн уруккум курдук олус дьулайбат-толлубат буол-
         лум, өссө, манна диэн эттэххэ, кыралаан атаахтыы да быһыы-
         тыйар буолан бардым быһыылаах.

                                                                      125
   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129   130