Page 127 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 127
Ити сыл ахсынньытыгар биһиги, саха суруйааччылара, 1-гы
конференциябыт буолан, кинини правление председателинэн
талбыппыт. Ол нөҥүө сайыныгар кини аспирантураны бүтэрэн,
филологическай наука кандидата буолан кэлбитэ. Кэлбитэ да,
үлэлээбитинэн-хамнаабытынан, дьону үлэҕэ түммүтүнэн бар-
быта. Тыл уонна литература институтун уонна суруйааччылар
союзтарын салайар үлэтэ; учуонай уонна суруйааччы быһыы-
тынан араас мунньахха дакылааттара, тыл этиилэрэ, хаһыат-
тарга ыстатыйалара; тус бэйэтин научнай үлэтэ уонна лите-
ратурнай айымньыта… Туох кэмнээх буолуой П. А. Ойуунускай
оччотооҕу үлэтэ, кыһамньыта, кыһалҕата?!
Иринньэх кыра оҕолордоох, ыарыһах уонна тулаайах иитим-
ньи уруулардаах, наһаа элбэх үлэлээх, бэйэтэ буоллаҕына —
мөлтөх доруобуйалаах, ииммит-хаппыт көрүҥнээх. Уонна хан-
тан-хантан түмүнэрэ эбитэ буолла итиччэ үлүгэр күүһү, ту-
лууру… Мэлдьи үөрэ-көтө, оонньуу-күлэ, сэһэргэһэ-эйэргэһэ
сылдьар буолар этэ эбээт — бэрт иллэІ, олус чэгиэн, туох да
кыһалҕата суох киһи курдук…
Киэһэлик дьиэтигэр тиийэн кэлэҕин. Аҕыйах саастаах, үүт-
үкчү аҕатын курдук Лаана, хантан эмэттэн сүүрэн тоһугураан
кэлэн, кууһа түһэр:
— Паапам баар, баар! Сыгынньахтан, билигин чэй буолуо…
Бэйэтэ эмиэ хоһуттан тыаһа суох үктэммэхтээн тахсар.
Ачыкыта суох тахсан уонна, арааһа, соруйан да, дөбөҥнүк
билбэтэҕэ буолан, хараҕын быһыччы көрөн турбахтаан баран,
ыалдьыт кэлбитин бэйэтэ бэркэ сөбүлээн туран, кыыһырбыта
буолар:
— Сынньана түһээри, ким да кэллэҕинэ «суох» диэриҥ диэ-
биппин баара, бу кыыс этэ охсон биэрдэ дии! — Уонна, төн-
нөөрү гыннахха, соһуйа түһэр: — Кэбис, доҕор, тугуҥ тылай!
Хата, утуйан хаала сыспыппын…
Биһиги, оччотооҕу суруйааччылар, кинини олус ытыктыыр,
таптыыр этибит. Кинини ситэ ытыктаабат киһи биһигини кытта
истиҥник бииргэ сатаан сылдьыа да суох курдуга. Этиһэр, ба-
лыйсар эҥин буоллахха даҕаны, ол биһиги бэйэбит, тэҥнээх-
тэр, икки ардыбытыгар буолуон сөп. Оттон кинини — тыы-
тыма!.. Үлэтигэр биирдэ эмэтэ санаата табыллыбатах курдук
буоллаҕына, истибэтигэр, бэйэбит, оонньуу-күлэ таарыйа,
омуннурабыт: «Нохоо, оҕонньор кыыһыран олорор!»…
Дьиэтигэр кыыһырбытын-кыйахаммытын биирдэ да өйдөө-
бөппүн. Оҕолорун наһаа таптыыр, кэргэнин «ытарҕалаах ыспы-
раанньык» диэн оонньоон ааттыыр.
127