Page 128 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 128
Атын суруйааччылартан бэйэтин кыратык да ордук туттубат,
кими да сэнии санаабат, барыбытын кытта тэбис-тэҥ суру-
йааччы киһи, литература үлэһитэ. «Маны истэ түһүҥ эрэ», —
диэн, саҥа суруйбутун ыалдьыт суруйааччыларга ааҕан биэ-
рэр. «Суруйбут киһи, бэйэм санаабар, бэркэ дылы, — диэн
бэйэтин элэктэнэ түһэн ылар. — Эһиги санааҕытыгар хайдаҕа
эбитэ буолла?» Тугу эмэ омнуолаатахха, ылынар буоллаҕына:
«Ыһыы?! — диэн баран, толкуйдаан олорбохтуур уонна: — Кыр-
дьык да, оннук эбит дуу?!» — диэҕэ; ылымматаҕына, бэйэтэ
хайдах саныырын бэрт холкутук, наҕыллык быһааран биэриэ-
ҕэ. Тугу эмэ кыраҕа алҕаһаабытын эттэххинэ, маҥнай: «Били,
эн биллэххинэ?! — диэн, сороҕор дьарыйан кэбиһээт, оргууй
сонньуйан барар: — Эмиэ да оннуга эбитэ дуу?»
Биирдэ эмэтэ быстах кыыһырдаҕына, санньыйдаҕына даҕа-
ны, дөбөҥнүк уоскуйар аламаҕай майгылаах. Алҕаскын истиҥ-
ник билинэр, эйэҕэстик туттар эрэ буол!
/…/
* * *
/…/
Кини сааланарын олус таптыыра.
Биирдэ кэлбитим — дьиэтигэр соҕотоҕун олорор эбит.
Куо рат анныгар Хатыыстаах арыыга сааланан, бэҕэһээ биир
дыллык хааһы өлөрөн тахсыбыт. Ол хааһын миэхэ киллэрэн
көрдөрө охсоору гынар. Мин буолуммаппын, кырдьыга, тым-
ныйыа диэн харыстыы саныыбын:
— Ээ, кэбис, доҕор, оттон хаас курдук хаас ини, сиирбити-
гэр биирдэ көрүөхпүт, — диибин.
Кини, олорбохтоон, ону-маны кэпсэппэхтээн баран, тахсан
барда. Онтон хааһын киллэрэн, икки кынатын иннибэр тэниччи
тутан кэбистэ:
— Көр, бу… Мэлийэн бараммын, сарсыарда эрдэ отуубар
чэйдии тахсан истэхпинэ, уун-утары иирэни сабаан тиийэн кэ-
лээхтээтэ эбээт! Мин бу курдук чохчос гына түстүм да, тум-
суттан сүөм холобурдаах иннинэн туһаайан бараммын, тардан
кэбистим. Төбөтүн оройунан бараахтаата эбээт!.. Ол курдук
күөрэтэр куолу!..
Хааһы көрөбүт-истэбит, араастаан сөҕөбүт, хайгыыбыт.
Сарсыарда халлаан хайдах сырдаан, күн тахсан эрэрин,
дьылыгырас кытыан иирэлэр үрдүлэринэн соҕотох дыллык
хайдах сараадыйан кэлбитин киһи олус кэрэхсээн истэр гына
кэпсиир.
128