Page 124 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 124

Тыыннаах тыл

                y  Кэрэ Талба өрүһү ойуулааһыны өйтөн ааҕа үөрэтиҥ.
                y  Микиитэлээх Өлөксөй көрсүһүүлэрин оруолунан ааҕыҥ.


             Ааҕыы, сэһэргэһии

                                  П. А. ОЙУУНУСКАЙ

                /…/
                Москваҕа  үөрэнэр  дьылларбар  Ойуунускай,  кинигэ  изда-
             тельствотыгар  директордыы  сылдьан,  олоҥхонон  уонна  бы -
             лыргы кэпсээннэринэн «олус үлүһүйэр» суруйааччы быһыыты-
             нан, А. А. Күндэни кытта бииргэ «үлтү сириллибит». 1931 сыл-
             лаахха,  мин  Якутскайга  кэлэрбэр,  Москваҕа  аспирантураҕа
             үөрэнэ барбыт этэ.
                1934  сыллаахха  кини  биһиккини  ССРС  суруйааччыларын
             1-гы  съеһигэр  делегаттарынан  таллылар.  «Олоҥхонон  олус
             үлүһүйбэт» киһи — мин быһаарыылаах куоластаахпын, кини —
             сүбэлэһэр  эрэ  куоластаах…  Съезд  маҥнай  ыам  ыйыгар  бол-
             дьонон баран, кэнники атырдьах ыйын 17 күнүгэр көһөрүллү-
             бүтэ. Мин маҥнайгы болдьоҕунан муус устар бүтүүтэ тиийдим.
                Киниэхэ  делегат  докумуонун  туттарарбар,  уруккуттан  дьу-
             лайар  киһи,  аны  «быһаарыылаах»  куоласпыттан  олус  кыбы-
             һынным.  Сорох  эдэр  дьоннор  быһыыларынан,  симиттэрбин
             сабынаары,  ордук  дьорҕооттук  туттан  киирдим  быһыылаах.
             Кыракый  кыыһын  Лаананы  көтөхпүтүнэн,  кыараҕас,  боруҥуй
             хоско  соҕотоҕун  кинигэ  ааҕа  олорор  эбит.  Тоҥуй  соҕустук
             дорооболосто. «Сүбэлэһэр» дастабырыанньатын оргууй ылан,
             остуолга тэниччи ууран, иһигэр аахта уонна, олох мас өйөбүлү-
             гэр  чинэччи  туттан,  үрдүк  чоҥолох  түннүгүн  одууласпытынан
             саҥата  суох  олорбохтоон  баран,  мин  диэки  хайыспакка  эрэ,
             оргууй: «Чэ, оттон баһыыба!» — диэтэ.
                «Олоро түс» диэбитэ буоллар, мин, бука, тиэтэйиэм эбитэ
             буолуо,  манна,  дьэ,  холкубар  түстүм  быһыылаах.  Кини  кини-
             гэтин ааҕар, мин олоробун. Көтөхтөрөн олорор кыысчаана ки-
             нигэтин илииһин саба тарыйталаан кэбиһэр. Кини дөрүн-дөрүн
             мин  диэки  көрбөхтөөн  аһарар  буолан  барда.  Онтон,  кыыһын
             сиргэ  түһэрэн  кэбиһэн  баран,  харытынан  күөйэн,  ыыппакка
             олорон:

              124
   119   120   121   122   123   124   125   126   127   128   129