Page 121 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 121
сүбэлэһэн баран, түүн буолуута, дьиэлэригэр кэлбиттэрэ, чу-
гас эргин ыаллара бары мустубуттар!
— Хата, Микиитэ бу тиийэн кэллэ! — Сөдүөччүйэ үөрэ түс-
тэ. — Кини миигиннээҕэр ордук кэпсиэҕэ. Ыл, тукаам, сатаан
кэпсиир киһи, кэпсээн биэр.
— Куоракка туох-ханнык буолтуй, доҕоор?
— Куоракка дуо? Маннык дьыала буолан тахсыбыт, — Ми-
киитэ бэркэ боччумнанан туран улам үлүһүйэн кэпсээн бар-
да. — Орджоникидзе уонна Ярославскай Петербурга тиийээт,
Ленинтэн кыһыл сэриини көрдөөн ылан, Саха сиригэр ыыппыт-
тар. Ол сэрии кэлэн алдьархайдаах кыргыһыынан бурсуйдары
кыайан, куораты ылбыт.
Микиитэ ол «алдьархайдаах кыргыһыы» саамай хорсун кы-
һыл сэрииһитинэн бэйэтэ сылдьыспыт курдук, сиһилии кэп-
сиир киһи буолла. Кэпсээнин быыһыгар сотору-сотору аҕа-
тыгар этэр:
— Дулҕалаах аны биһиэнэ диэн кэбис!
Наҕылтан Охоноос Маппыайап киириэр диэри, икки күн
устата Микиитэ нэһилиэк иһигэр саамай кэрэхсэбиллээх киһи
буолан сырытта.
Сир күрэстэһиитэ оргуйбутунан барда. Дьөгүөрдээн, куолу-
тунан, үтүө ходуһалартан барыларыттан аккаастанар, «Миэхэ
Дулҕалааҕым эрэ кэллин», — диир.
Maҥнай утаа, бүгүн-сарсын кыһыл этэрээтэ кэлэриттэн кут-
танан, баайдар оччо утарыласпатылар, сорохторо өссө сирдэ-
риттэн бэрсибитэ буолан албыннастылар.
Онтон кыһыллар кэллэр кэлбэтилэр.
Наҕылга Уйбаан Кириилэп тахсан, Рабочайдар депутатта-
рын советын аатыттан хас да миитини тэрийбит cypaҕa иһи-
линнэ. Саас-үйэ тухары батталы барҕардыбыт «кылааһынай
систиэмэни» ууратан, сири дууһа быһыытынан түҥэтэр туһунан
уураахтара тахсыбыттар. Митиннэр аайы дьадаҥылар аатта-
рыттан уоттаах-төлөннөөх тылы этэринэн Дьөгүөр Сүбэлиирэп
(били Сөдүөччүйэ оҕо эрдэҕинээҕи доҕоро Дьөгүөркэ), Суудап
баай хамначчыта, аатыран эрэр сураҕа иһилиннэ. Сыҕаайап-
тар хамначчыттара, будьуруйбут баттахтаах Сэмэн Трынкин
киниттэн хаалсыбат киһи буолан эрэр үһү.
Уйбаан Кириилэби Талбаҕа көһүтүү буолла. Охонооско кии-
риэх буолан суруйбут этэ да, тоҕо эрэ кэлбэтэ. Онтон кинини
бэрт тиэтэлинэн куоракка төттөрү ыҥыран ылбыт сурахтара
иһиллэн хомотто.
Луха Бэһиэлэйэп эмискэччи «кыһыл киһи» буоллаҕа ааты-
121