Page 122 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 122

ран, күн аайы киһиттэн уратытык быһыыланар. Баһыттан ата-
             ҕар  диэри  кыһыл  таҥаһы  таҥнар,  илиитинэн  ыт  хабарҕатын
             хайа  тутан  өлөрөр,  таҥapa  дьиэтин  уонна  буостаны  уоттаан
             кэбиһиэх буолан айдаарар, аны туран: «Ыраахтааҕы баарыттан
             баар  күнү  ытан  кэбиһиэххэ»,  —  диэбитинэн  күн  диэки  ытыа-
             лаан баһырҕатap.
                — Луха  арыгыһытын,  содурун  ким  билбэтэй,  кини  басса-
             быыктарга  өстөөх,  —  диир  Охоноос.  —  Өстөөх  буолан  холун-
             нараары соруйан кэбилэнэр!
                Ол үрдүнэн сорох дьон, «кыһыл буолбут» Луханы көрө-көрө,
             кыһыллартан  дьулайаллар.  Сүөдэр  Бэһиэлэйэп  буоллаҕына,
             мэлдьи  ыаллары  кэрийэ  сылдьан  муҥатыйар:  «Саҥа  былаас
             мин уолбун буортулаата, кыһыл буолаат, майгынныын-сигили-
             лиин атын киһи буола түстэ. Эгэ, ол дьон бэйэлэрэ кэллэхтэ-
             ринэ, айабын даа!»
                Биирдэ  Луха  аҕабыыт  дьиэтин  таһынан  атынан  төттөрү-
             таа ры  хаамтара  сылдьан,  уһуллубута  ырааппыт  ыраахтааҕы-
             ны  үөҕэн,  таҥара  дьиэтин  уоттуох  буолан,  араас  ыстырыыс
             тылынан ыллыы-туойа сырытта.
                Аҕабыыт,  куһаҕан  киҥнээх  муҥутаан,  Луха  үрдүгэр  түһэрэ
             буолуо дии санаатылар да, кини тахсыбата, ahaҕac түннүгүнэн
             биирдэ эрэ арбаҕалдьыйан көстөн ааста.
                Хата,  нэмирийбит  уһун  түүлээх  кырдьыбыт  эриэн  ыта  ол-
             буорун  айаҕар  сэниэтэ  суохтук  үрэн,  налбыгыр  кулгаахтарын
             тэбээтэ. Луха атыттан түһэн, ыты кирпииччэнэн быраҕан куу-
             һуннарда.
                — Ээ,  солуута  да  суох  баҕайы!..  —  диэтэ  көрөөччү  дьон
             иннилэригэр сис туттан турбут Охоноос.
                Сыллай  Лука  иҥэ  хараҥатыйа  ыгылынна,  apaҕac  харахта-
             рын  үрүҥэр  кыһыл  тымырдар  таарбайдылар,  быллаҕар  yoha
             ханньары тардан барда:
                — Эн aҕаҥ caaһын тухары тэрэпиэһинньик этэ. Ол иһин аҕа-
             быыты, ыраахтааҕыны көмүскүүгүн… Мин — кыһыл киһи буо-
             лабын!
                — «Кыһыл»  буолаахтаан!  Кыһыллар  бар  дьоҥҥо  көҥүлү,
             сири-уоту биэрэллэр. Эн итириктии-итириктии, бэлэһиҥ хай-
             дыаҕынан сидьиҥ тыллары тыбыырарыҥ эрэ баар. Кыһыллары
             холуннараары, соруйан дьаабыланаргын ким билбэтий?
                — Ыраахтааҕыны  үөҕэбин  буолбат  дуо?  Ону  көмүскээтиҥ
             дуо?
                — Ханна баар ыраахтааҕыны… Баайдары утары охсуhyoxxa,
             сир-уот  бастыҥын  сиэн  олороллорун  ууратыахха,  —  диэтэ

              122
   117   118   119   120   121   122   123   124   125   126   127