Page 119 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 119
тордуохтаах тумса, эмпэрэлээх хараҕа, эбирдээх түөһэ барыта
көстөргө дылы…
Оо, холкутун, киэҥин, сэмэйин, боччумун ньии! Үчүгэйин
ньии ахтан-ахтан баран, Талбаны көрөн турар!..
Микиитэ сыыры таҥнары сүүрдэ. Онтон кыайан тохтообок-
ко, икки илиитин саратан баран, тэмтэрийэн бэдьэҥэлээн
иһэн, уу кытыытыгар лах гына олоро түстэ, этэрбэстэрин уһу-
лута тардыалаата. Ойон туран, аллара баттанан, өрө тардынан
кэбистэ. Икки илиитин өрө ууммутунан хатыҥыр сиһэ кэдэкис
гынан, ууга ыстанан кэбистэ, этэ дьар гына түстэ.
Туох да быыстала суох илиитинэн-атаҕынан кулупаайданан
ууга чомполонно, умуста, күөрэйдэ, умса-тиэрэ эргийтэлээтэ,
сырдык оҕуруолары ыһыахтаата. Онтон сылайан, иттэнэ түһэн
баран, күөх далайга бигэнэн налыйда, икки хараҕын быһа
симэн, сүүрүккэ оҕустаран талбаарыйан истэ.
Ол истэҕинэ «чыып-чаап» диэбит курдук, быһаарыыта суох
саҥа сыыр үрдүттэн ньааҕынаан иһилиннэ. Микиитэ, мэни-
гилээн, айаҕын аппаччы атан, хараҕын быһыччы көрөн иһил-
лээбитэ, уҥуоргу тиһилик мөҥүөн хайалартан ой дуораана
кини ийэтин саҥатын:
— Сыччыай, кэл, үөскэ кииримэ! — диэн дорҕоонноохтук
эргитэн аҕалла.
Уол түҥнэри холоруктаата, умсан күөрэйдэ, кытыыга устан
ньолоһуйда.
Сөдүөччүйэ сирэйин суунан былаатынан сотунна, ытыha-
ытыha ууну уймахтаата. Уола таҥнан баран, этэрбэстэрин кы-
быммытынан, сүүрэн кэлбитигэр үөрэн күлүмүрдүү тоһуйда:
— Тоойум оҕотоо, эбэбитигэр дьэ кэллибит дии!
— Кэлэн доҕор дьэ!.. Ычча! — Микиитэ өрүтэ эккирээмэх-
тээн ылла.
Сотору Дулҕалаахтарыгар кэллилэр. Кинилэр балаҕаннарын
оннугар түөрт маҕана эрэ чороһон тураллар. Кэккэлэһэ Бэһиэ-
лэйэптэр балаҕаннара, кэбиһиилээх от курдук, үллэн олороро.
Балаҕаннарын оннугар тохтоон турбахтаатылар, онтон хочо-
ну ортотунан киирэн, улахан күөлү кытыынан бара турдулар.
Дулҕалаах быйыл бэркэ үүммүт.
— Кырдьык, кыайбыт буоллахтарына, хата, биһиэхэ дойду-
бут төннөөрөй, доҕоор, — диэн ботугураата Сөдүөччүйэ күөлүн
кытыытынан хааман иһэн.
— Тыый, итэҕэйимээри гынаҕын дуу? — Микиитэ бастаан
иһэн эргиллэ түстэ. — Хата, биһиги дьоммут ньургун дьоннор,
119