Page 114 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 114

дьиэҕэ ыҥырардыы хамсанна. — Атаххытын үчүгэйдик соттуҥ,
             дьиэни сибилигин сууйбуттара…
                Ыалдьыттар аан хоско хааллылар, хотун ойоҕос xohy ааһан,
             кэрэ куолаһа онтон лыҥкынаата:
                — Мааппаа, бу дьахтары чэйдэт эрэ.
                Хос иһиттэн аҥаар харахтаах Мааппа төбөтө быган одуулас-
             пахтаан баран, төттөрү ньимис гынан хаалла. Сотору чаанньык-
             таах  чэйи,  икки  чааскыны,  тэриэлкэҕэ  арыылаах  баахыланы
             таһааран чэй кутта.
                Аанчык тахсан, тэйиччи олорон, Талба дьонун олоҕун оргууй
             ыйыталаһан  барда.  Сөдүөччүйэ  бэйэтин  кыһалҕалаах  олоҕун
             туһунан, сүөһүтэ өлөн, Наҕылга тирэх көрдөһө кэлбитин туһу-
             нан кэпсээри гынар. Ону баара Аанчык быйыл Талба уута төһө
             кэлбитин,  алаастар  төһө  көҕөрбүттэрин  эҥин  туһунан  ыйыта-
             лаһан,  кэпсэтиини  сүр  наҕыллык  саталлаахтык  атыҥҥа  сала-
             йан кэбиһэ олорор.
                — Үчүгэй да дьиэ! — аан хоско олорон, дьиэни оччо көрө да
             илик эрээри, Сөдүөччүйэ үөһэ тыынан баран, сөҕөн кэбистэ.
                — Бу дуо? — Аанчык соһуйа түстэ. — «Үчүгэй» буолаахтаан!
             Бу биһиги дьиэбит буолбатах. Биһиги дьиэбит управаҕа баар,
             мантан икки биэрэстэ. Онно саҥа oһox тутар, муостатын кы-
             рааскалыыр кэмнэригэр биһиги манна быстах кэлэн олоробут.
             Эн управа алааһыгар сылдьа иликкин дуо? Хайаан да сырыт.
             Онно  уруккута  буолбатах.  Мин  Михаил  Михайловиһым  онно
             үгүс  үтүөкэннээх  дьиэлэри  туттаран  биэртэлээбитэ.  Биһиги
             дьиэбитин эн онно көрүөҕүҥ. Мин Мих…
                — Былырыын  саас  Аанчык  Суудап  учууталга  барбыт  үһү
             диэн истибитим. Мин кинини билбэппин ээ…
                — Истэн  баран,  билбэккин…  —  Аанчык  сөбүлээбэтэхтии
             көрөн кэбистэ. — Кинини ким барыта билэр киһитэ. Уон биэс
             сыллааҕыта  Якутскайтан  Охотскайга  телеграф  остоолботун
             кини туруорбута. Наҕыл бары бөдөҥ дьиэлэрин: буостаны, ос-
             куоланы, саҥа управаны — барытын кини туттаран хааһынаҕа
             атыылаабыта. Эн туран кинини «билбэккин»…
                Хайдах  эрэ  дьэбидис  гына  түһээт,  Аанчык  туран  бэйэтин
             хоһугар киирэн иһэн сылаарҕастык эттэ:
                — Мааппа, киэһээ… баларга утуйар таҥаста булан биэрээр.
                — Бэйэтэ да булунуо, оччолоох хотун буолбатах… — Мааппа
             кыыһыран көмүс ньуосканы остуолга тыастаахтык бырахта.
                — Ох, салҕан да эрэбин мин эйигиттэн, Мааппа! — Аанчык
             хараҕын  симэн  баран,  төбөтүн  хамсатан  кэбистэ.  —  Эн  мин
             маамабар олороруҥ буоллар…

              114
   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119