Page 111 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 111
— Оттон ыл ээ, — диир дьиэлээх дьахтар. — Ыллын диэн
арыый көбүччү соҕус уурбутум дии.
— Чэ, оччоҕо ыллаҕым… — Сөдүөччүйэ арыы тобоҕун туу-
йаһыгар таҥнары тутан кэбиһэр, баһыыбалыыр уонна тахсан
бараллар.
Нэдиэлэ холобурдаах ол курдук сылдьаннар, уонча муунта
арыыны мустулар, кимтэн эрэ биир эргэ дьахтар былаатын
ыллылар, хас да мотуок сабы буллулар.
Онтон аатырар Сыҕаайаптар дьиэлэригэр-уоттарыгар тии-
йэн кэллилэр.
Сөдүөччүйэлээх Дьөгүөрдээн былыр Сыҕаайаптарга хам-
наччыт сылдьаннар холбоспуттар эбит.
Киэҥ алаас кырдалын бүтүннүү үрүҥ, күөх кырааскалаах,
уһуктаах төбөлөөх эрэсиэҥкэ олбуорунан иилээн ылбыттар.
Ол иһигэр сарбынньахтаах хоруобуйалаах, киэҥ түннүктэри нэн
килэҥнэспит үс сүүнэ улахан дьиэ кэккэлэспит. Дьиэлэртэн
кырыылыы сүүнэ улахан балаҕан сиргэ батыллан турар. Ол
аттыгар хас да айахтаах сүдү ампаар олбуор aҥаap эркинин
бүтүннүү ньолбоһуйбут.
Олбуор таһынан сарайдар, сылгы-ынах титииктэрэ бачы-
гыраспыттар. Сэргэлэргэ көмүс ыҥыырдаах аттар баайыллы-
быттар.
Микиитэлээх аҥaаp уһугуттан ыалдьыттыыр толкуйдаах
дьон буоллулар.
…
Аан хоско Балааҕыйа эмээхсин лаглайан олорон, хойуу
маҥан баттаҕын тараанар. Биһиги дьоммут аан чанчыгынааҕы
ороҥҥо оргууй олорунан кэбистилэр. Эмээхсин умса тараам-
мыт баттаҕын арыйа тардынан, сирэйэ марбас гынан, кылар
харахтарынан одуулаһан олорбохтоон баран кырыктаахтык
ыйыт та:
— Бу эмиэ кимнээхтэрбитий?
— Ээ, Балааҕыйа эмээхсин эбиккин дуу? — Сөдүөччүйэ
үөрэ түспүт курдук буолла.
— «Балааҕыйа эмээхсиммин». Оттон эн хайа хотуҥҥунуй
бу? — эмээхсин баттаҕын эмиэ саба түһэринэн, тарааммы-
тынан барда.
— Мин Сөдүөччүйэбин, Лэглээр кийиитэбин. Талбаттан кэл-
либит. Бу — мин улахан оҕом. Yc уоллаахпын. Биирдэрэ бы-
йыл үөрэниэ. Биирдэрэ кыра… — букатын да кэрэхсээбэккэ
киэр хайыһан тараана олорор эмээхсиҥҥэ Сөдүөччүйэ кэл-
тэй кэпсии олордо. — Соҕотох ынахтааҕым күөххэ тиийэн ба-
111