Page 106 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 106

уос куйан,  ыһыктан  кэбистэ.  Ырбаахылара  быһыттан  түһэн,
             көлө һүннээх истэрэ көттөрүһэн көстүбүт икки кыыс оҕо сиргэ
             оонньуу олорон, ойон туран ийэлэригэр сүүрдүлэр.
                — Тугу иһиттигит? — диэтэ эр киһи билбэт дьонун дьиибэр-
             гээбиттии көрөн олорон.
                — Суох… Дьөгүөркээ, эн миигин билбэтиҥ дуу?
                — Суох, доҕор!.. Бэйи эрэ, бу хайдаҕый?..
                Киһи хамыйаҕын оргууй остуолга уурда уонна илиитин көх-
             сүнэн  уоһун  сотто-сотто  туран  кэллэ.  Ол  кэлэн  кыҥнаҥ ныы-
             кыҥнаҥныы  одуулаһан  турбахтаан  баран,  икки  илиитин  бы-
             ластаата,  сыҥааҕын  энньэттэ,  төбөтүн  лыкытта,  хайдах  эрэ
             бакыччы тутунна да хаһыытыы түстэ:
                — Сөдүөччүйэ кыыс тиийэн кэллиҥ буолбат дуо бу? Сө дүөч-
             чүйэ  кыыскын  эбээт  эн!  Эн  саҥаҥ!..  Улахан  муруннуун,  өрө
             күдээрийбит баттахтыын Сөдүөччүйэ кыыс буолбаккын дуо эн?
                — Мин  дии,  Дьөгүөркээ!  —  Сөдүөччүйэтин  бэйэтэ  да  оччо
             эрэммэтэх курдук, Сөдүөччүйэ өҥөнөн көрүммэхтээтэ.
                Уол түөһүн диэки супту ыйбытынан, Дьөгүөркэ эттэ:
                — Оттон бу кимий?
                — Бу мин оҕом. Yc уоллаахпын.
                — Yc даа? Көр эрэ! Бачча улахан оҕолоох эбиккин дии.
                — Кэбис,  доҕор,  бу  киһи  иннинэ  түөрт  оҕо  төрөөн  өлбүтэ.
             Биэс уоммар чугаһаан эрэбин эбээт!
                — Эс, тугун сүрэй, доҕор! — Дьөгүөркэ соһуйа түһэн баран,
             тугу эрэ толкуйдаан кэтэҕин тарбанна. — Ээ, буоллаҕа даҕаны
             буолуо.  Сыл  хонук  ээ.  —  Дорооболоһорун  дьэ  өйдөөн  икки
             илиитин  утары  уунна:  —  Дорообо!  Син  көрүстүбүт  дии,  һы!..
             Бу  мин  ойоҕум,  ол  мин  оҕолорум.  Миэннэрэ  кыралара  бэрт.
             Иккиэн  кыргыттар.  Өкүлүүн,  чэйи  кытаат!  Сөдүөччүйэ  кыыс
             тии йэн кэллэ дии. Сүүнэ улахан уоллаах!
                Олоро түһэн ону-маны кэпсэттилэр, былыргыларын өйдөс-
             түлэр. Саастара элбии охсубута дөбөҥүн сөхтүлэр. Сөдүөччү-
             йэ сүөһүтэ өлбүтүн кэпсээтэ.
                — Эс,  бачча  оҕолордоох  киһи  аны  эн  туох  буолуоххунуй!
             Бэлэмҥэ  сытыаҥ  буоллаҕа.  Аҕыйах  сылынан  талбыт  ынаҕы,
             oҕyhy булуохтара.
                Ол  курдук  балачча  өр  кэпсэппэхтээн  баран,  Дьөгүөркэ  та-
             һыр дьа тахсан, туос чабычах сиигэ кэрдьигинээн хаалбыт ча-
             раас арыы аҥаарын киллэрдэ:
                — Мэ, Сөдүөччүйээ, «хаһааспын» хаба ортотунан хайа бат-
             таан киллэрдим.
                Арыытын  диэки  көрө  түһээт,  дьахтар  бокуойа  суох  иһити

              106
   101   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111