Page 104 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 104

— Ээ, лахсыйыма! — эмээхсин илиитин таһынан туора са-
             дьыйталаан кэбистэ.
                — Сатаатар оҕобун олорт.
                — Киэр буол! Айаннат, айаннат, оҕонньоор!
                — Сатаатар тутуурбун.
                Тутан иһэр тууйаһын Сөдүөччүйэ тэлиэгэҕэ уура оҕуста. Ол
             кэмҥэ куучар аты кымньыылаан «куус» гыннарда. Тууйас өрүтэ
             тэйэ-тэйэ  барса  турда.  Эмээхсин  оргууй  төҥкөйөн,  тууйаһы
             харбаан  ылла.  Тарбаҕын  төбөлөрүнэн  тутан,  эргичиҥнэтэн
             көрдө, онтон эмискэччи ыраах илгэн кэбистэ. Тууйас иһиттэн
             кинигэ курупааскылыы көтөн тахсан, тэлибирээбитинэн буорга
             булкулла түстэ. Тууйас томтору таҥнары төкүнүйэн кулааһын-
             ньыктана турда. Микиитэ кыламмытынан кинигэтигэр ыстанна.
                Малларын  хомунан  баран,  томтор  үрдүгэр  тохтоон  олор-
             дулар.
                Тэлиэгэлээх  ат  буору  күдээритэ  турда.  Сөдүөччүйэ  тууйа-
             һын хаппаҕын чиҥэтэ тарда-тарда, батыһыннары көрөн олорон
             эттэ:
                — Бэйи, ити хайдах буолбут баҕайыный? Ынахтарым баал-
             лара  буоллар  эн  баайгар…  Таба  тириитэ  имиппит  эрэйбин
             төлөөбөккө сылдьар. Күтэргэ дылы күскэйэ сытыйан!
                Ол курдук өр олордулар. Халлаан аҥаар кырыытыгар ардах
             былыта быган таҕыста. Ханна эрэ этиҥ ньириһийэн иһилиннэ.
             Сөдүөччүйэ  ол-бу  диэки  эргичиҥнээн  көрө  туран  мунаахтык
             эттэ:
                — Ханна  барыах  баҕайыный?..  Сытаатар  оҕобун  тото  аһа-
             тан, утутан кэбиһэрим буоллар. Чэ, сыччыай, баран көрүөх…
                Суол  кытыытыгар  соҕотоҕун  чохчоллон  олорор  балаҕаҥҥa
             киирэннэр,  быстар  дьадаҥы  оҕонньордоох  эмээхсиҥҥэ  хон-
             нулар.




                    Ыйытыылар уонна сорудахтар
                1.  Микиитэ  ийэтиниин  Наҕылга  «тирэх  булуна»  тоҕо  барар
                   буоллулар?
                2.  Ийэлээх оҕо сыһыаннара хайдах эбитий?
                3.  Ким кимиэхэ «Наҕыл үрэх өһургэһин, өһүөннээҕин туһунан
                  ботугураан кэпсии истэ». Тоҕо?







              104
   99   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109