Page 103 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 103

Биһиги  дьоммут  улам  остуол  ньуурун  курдук  дэхситийэн
         иһэр  киэҥ  хонуу  устун  балачча  хаампахтаан  баран,  үкэр  от
         бүөлүү  үүммүт  ханнык  эрэ  чычаас  сүлбэҕэ  тиийэн  кэллилэр.
         Сөдүөччүйэ тууйаһыттан иэдьэгэй бытархайын сотон ылан ууга
         быраҕаттаата.
            Сүлбэни  туораан  баран,  уу  истилэр,  тууйастарын  сайҕаа-
         тылар,  үгүс  тойот-хотут  баар  сиригэр  Наҕылга  дьахтар  атах
         сыгынньаҕын уонна былаата суох сылдьара сатаммат буолан,
         Сөдүөччүйэ  этэрбэһин  кэттэ,  Сахаров  кинигэтин  суулаабыт
         былаатын ылан баанна, кинигэни тууйаска укта.
            — Ийээ, Наҕыл үрэххэ хаһан тиийэбит?
            — Тыый, оттон бу кэллибит.
            — Ханна?
            — Оттон бу тугуй, нохоо?
            — Пахыый, бу сүлбэ дии!
            — Тыый! Лахсыйыма!
            Уолун  харытыттан  харбаата  да,  Сөдүөччүйэ  тэскилиир  бы-
         һыынан,  дьулуруйбутунан  барда.  Балачча  дьулуруйбахтаан
         баран,  бытааран  Наҕыл  үрэх  өһүргэһин,  өһүөннээҕин  туһунан
         ботугураан кэпсии истэ.
            — Былыр Талбаттан биир киһи тахсан Наҕылы аан маҥнай
         көрөөт,  мыыммыта  үһү:  «Наҕыл,  Наҕыл  диэн  аатыппыттара,
         халба  кус  ohoҕohyгap  дылы  субуллаҥнаан,  холоон  да  үрэх
         эбит!» — диэбит. Ол курдук тыллаһаат, туораан иһэн, аттыын
         бэйэлиин чүөмпэҕэ түһэн өлөн хаалбыт. Эн өрүү саҥарба…
            Итинник  от  сүлбэлэр  кэҥээн-дириҥээн  көҥүс  буолан  күү-
         гүнээн Талба өрүскэ түһэллэр. Микиитэ оннук сүлбэни туораа-
         быкка  холуммута,  ааттаах  Наҕыл  үрэх  илэ  бэйэтинэн  эбит.
         «Тууйаһын  кирин  ыраастыыр»  дии  санаабыта,  ол  кырыктаах
         үрэҕи албыннаһан ийэтэ «ас бэрсибит» эбит. Ийэтин хомоту-
         маары Микиитэ саҥарбата гынан баран, үрэҕи мыына саныы
         истэ.
            …Наҕыл  улууһун  быраабатыгар  барар  киэҥ  суолга  киир-
         дилэр. От ыйын умайар уот куйааһа сырайар.
            Онтон кэннилэригэр туох эрэ талыгырыы түспүтүгэр эргил-
         лэн көрбүттэрэ, тэлиэгэлээх маҥан ат суол куоппаһын өрүкү-
         тэн өрө мэҥийэн иһэр эбит. Сыҕаайап кинээс ойоҕо Балааҕы-
         йа  эмээхсин  куорат  долгууса  тэлиэгэтин  сымнаҕас  олбоҕор
         кутаччы олорбут. Кырдьаҕас куучар оҕонньор тэлиэгэ тумсугар
         олорон хахыйах кымньыыны өpө тутан кэбиспит.
            — Сыарҕаҕар олорт эрэ, Балааҕыйаа! — диэтэ Сөдүөччүйэ,
         тэлиэгэ кэккэлэһэ түспүт кэмигэр. Куучар атын тарта.

                                                                      103
   98   99   100   101   102   103   104   105   106   107   108