Page 101 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 101

— Тугу биллигит, доҕоттоор?
            Ийэ кэһиэҕирбит күөмэйин оҥостуммахтаан баран, араччы
         «суох» диэтэ.
            — Тоҥнугут дуо?
            — Тоҥнубут, — диэтэ көнньүөрэ охсубут Микиитэ.
            — Сылайдыгыт дуу?
            — Сылайан бөҕө…
            — Сылайбыт сынньанар, тоҥмут тохтуур, аччыктаабыт аһыыр
         аартык ааттаах ампаара бу тумул анараа өттүгэр кэлиэҕэ.
            Аҕыйахтык  хаампахтаат,  аартык  ампаарыгар  тиийэн  кэл-
         лилэр. …
            Бэрэмэдэйиттэн чаанньыгын ойутан таһаарда, сүүрэн абыр-
         табыр  үктэнэн  киирэн,  дулҕа  быыһыгар  чоҥойбут  көлү йэттэн
         уу баһан таһааран уокка уурда. Чэй оргуйуор диэри Охоноос
         «Сахаровы»  куурда  охсон,  таһа  кыратык  түүрүллүбүт  сылаас
         кинигэни Микиитэҕэ туттаран кэбистэ.
            Ирдилэр, куурдулар, Охоноос Маппыайап быыкаайык өйүө-
         лээҕин үллэстэн сиэтилэр.
            Сайыҥҥы  түүн  кылгас.  Киэһээҥҥи  им  caҥардыы  сүтэн
         эрдэҕинэ тохтообуттара, чэйдиэхтэрин икки ардыгар сарсыар-
         дааҥҥы им сырдаан тиийэн кэллэ.
            Атын  холунун  тарда  турар  Охонооско  Микиитэ  тиийэн  ор-
         гууй ботугураата:
            — Охоноос, мин ийэбин мэҥэһиннэр эрэ. Алыс сылайда.
            — Сөдүөччүйээ! Акка мэҥэһин!
            Сөдүөччүйэ  «оҕом  мэҥэһиннин»  диэн  буолбата.  Охоноос
         «мин сатыылыам, эһиги иккиэн мииниҥ» диэбитин, Сөдүөччүйэ
         оннооҕор булгуччу буолуммата. Онон Охоноос уолу мэҥэһин-
         нэ. Этэрбэстэрин уонна кураанах тууйаһын ыҥыырга ииллэрэн
         баран, Сөдүөччүйэ кэннилэриттэн истэ. Аттаахтара сотору ки-
         нини куотан хааллылар.
            Талбаны — Наҕылы быыстыыр сис тыаҕа күн тахсыыта киир-
         дилэр. Сис иһэ боруҥуй. Хаппыт мутуктар тоһутталаммыттара
         аҥаардарыгар  диэри  бадарааҥҥа  дьөлө  түһэн  чороһон  сы-
         таллар.  Охоноос  ыллыыр.  …Микиитэ  ырыа  долгунугар  оҕус-
         таран тугу барытын умнан испэхтээтэ. Онтон кэннигэр ийэтэ
         суос-соҕотоҕун боруҥуй халыҥ сискэ иһэрин өйдүү биэрдэ…
         мутуктарга сыгынньах атаҕын дьөлө үктээн кэбиһиэҕэ…
            Микиитэ өрө мөхсө түстэ:
            — Мин түһүүм эрэ, Охоноос.
            — Toҕo, доҕоор?
            — Хаама түһүөм этэ…

                                                                      101
   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106