Page 96 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 96

НИКОЛАЙ ЕГОРОВИЧ МОРДИНОВ–АММА АЧЧЫГЫЙА
                                      (1906—1994)


                                         Саха  литературатын  ураты  кэрэ,
                                      аҥаардас саха киһитэ үтүө күлүгүн көр-
                                      дө да сүрэҕэ сымныы, санаата кэҥии
                                      түһэр  суруйааччытынан  Н. Е. Морди-
                                      нов-Амма Аччыгыйа буолар.
                                                           Е. М. Поликарпова
                                         Кини XX µйэ 20-с сылларыгар «Ийэ»
                                      хоґоонунан биллиэ±иттэн тіріібµт ли-
                                      тературатын бастыІ айымньыларынан
                                      байыппыта, сайдар аартыктары арый-
                                      сыбыта.  1928  с.  суруйбут  «Маҥнай-
                                      гы  учууталбар»  диэн  хоһооно  норуот
                                      таптыыр ырыата буолан күн бүгүҥҥэ
             диэри  ылланар.  Бу  сыл  кинини  саха  комсомола  Москваҕа
             үөрэххэ  ыыппыта.  1934  с.  П. А. Ойуунускайдыын  Саха  сирин
             суруйааччыларын  сойууһун  тэрийсибитэ.  1936  с.  үөрэҕин
             бүтэрэн  кэлиэҕиттэн  төрөөбүт  дойдутун  сайдыытын  туһугар
             көхтөөх үлэ үөһүгэр түһэр.
                Кэпсээннэригэр,  сэґэннэригэр  олох  уларыйыытын  кытта
             тэҥҥэ  саха  киһитин  өйө,  толкуйа,  быһыыта-майгыта  улары-
             йан,  саҥа  олоххо  аналын  буларын  итэҕэтиилээхтик  көрдөр-
             бүтэ. Оҕо аймах доҕоро этэ. «Тоҕус төгүл тоҕотун?» саха оҕото
             барыта билэр. 30-ча сыл устата «Бэлэм буол» оҕо хаһыатыгар
             үлэлээбитэ.
                Эһиги  бэґис  кылаастан  «Сааскы  кэм»  арамааны  ааҕан,
             Саха  сиригэр  буолбут  уларыйыылары  тэҥҥэ  кыра  Микиитэ
             бииртэн  биир  үктэли  дабайан,  улаатан  иһиитин  билбиккит.
             Быйыл  айымньы  тµмµктµµр  тµґµмэхтэриттэн  ааҕыаххыт.  Су-
             руйааччы мемуар жанрыгар суруйбут «П. А. Ойуунускай» туһу-
             нан ахтыытыттан саха норуотун тапталлаах уолун туґунан өссө
             ыкса билиэххит.
                Амма Аччыгыйа саха норуотун уран тылын ууһа, саха олоҕун
             сээркээн сэһэнньитэ ааты ылыан ылбыта.










              96
   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100   101