Page 91 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 91
Халыҥ дьамаат баайын
Улуу омук баайа
Дьөлө уулаан дьүккүйэр!
Хатан хандалынан
Тоҕо орто дойду
Умса бохсуллан турар?!
Модун бохсурҕанан
Тоҕо күн анна
Үмүрү тардыллан турар?!
* * *
Ол!
Саймаарар халлаан
Сарыаллаах сабарайын
3
4
5
Саҕаҕын анныттан!
Ол!
Кылбаарар халлаан
Куйаар куотар дьирим
Долгуннарын анныттан! —
Кылбайар кыһыл тыҥ
Кыыһар кыһыл курбуу
Чаҕыллара тибиирдэ!
Килбэйэр көмүс тыҥ
Күүрэр күлүм
Дьирбии төлөннөрө ибиирдэ!
* * *
Хайыһан көр эрэ!
Хааннаах хара батталга сылдьар,
Хара дьамаат!
Эргийэн көр эрэ!
Күүстээх тимир ытыс тойоно —
Хара дьамаат!
Сир-дойду,
Киэҥ халлаан
Кутаалаах уотунан кырбаһан долгуйдулар!
Дьаҕыл сир,
Киэҥ халлаан
3 Заря.
4 Купол.
5 Горизонт
91