Page 90 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 90
Ким — төрөөбүт тыл инники сайдар кэскилигэр эрэнэр,
ким — төрөөбүт алааһыгар, норуот тылынан уус-уран айым-
ньытын сүдү алыбар сүгүрүйэр, ким — саха төрүт үгэстэрин
таҥаһыгар-сабыгар, иһитигэр-хомуоһугар тиийэ утумнуур-
убаастыыр — ол Алтан Сарын күлүгүн быһа хаамыан сатам-
мат. Кини … олоҕун бүтүннүүтүн төрөөбүт тыла, ускуусту -
бата сайдарыгар анаабыт киһи быһыытынан биһиэхэ аата аат-
танар».
В. Н. Протодьяконов. Очурдаах олох. — 1998 с.
Ааҕыы, ырытыы
КЫҺЫЛ ӨРТ 1
Аан дойду үрдүнэн!
Хапытаал
Хараҥа баттала торолуйда!
Аан дойду үрдүнэн!
Хара хаан
Оргуйа долгуйан будулуйда!
* * *
Улуу дойду көхсүн
Хапытаал
Хааннаах дэгиэ тыҥыраҕа хапта!
Улуу дойду көхсүн
Соллоҥноох уоттаах
Сойуо тумсунан оҕуста!
Аан дойду үрдүгэр
Сата дьаралҕан,
Ыар ынчык саҥа иһиллэр!
Хара бурут санаа
Ыһырыктыйан түллэр!
* * *
Хара дьамаат хаанын
2
Уот суккуур тумустаах
Супту уулаан суккуйар!
1 Пожар.
2 Народ.
90