Page 94 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 94
Көрүлүү сырбайан,
Бу аан дойдуттан хараҥа күлүктэри
Күлүмнүү үүрэн —
Сүтэриэхпит!
Улуу далай эҕиргэн эҥсиилэрэ буолан —
Орулуу милкийэн,
Бу аан дойдуттан
Албыны-алдьархайы
Саралыы сууйан —
Сайдыахпыт!
Биһиги!
Сырдык сыдьаай халлааҥҥа
Кыһыл толбон
Кыыһар кырыл сандаҕа
Күлэр күлүмүн батары эччийэн туран —
Аан дойдуну
Күллэриэхпит!
Биһиги!
Сырдык айыы халлааҥҥа
Кыһыл толбон күүс-тырым
Сандаҕатын тыктаран туран —
Ийэ дойду олоҕуттан
Уот-Соллоҥу күрэтиэхпит!
«Чолбон», 1929.VI.20
Тыыннаах тыл
y Алтан Сарын «Кыһыл өрт» бэйиэмэтин аахпыт эрэ киһи айым-
ньы биир сонун өрүтүн бэлиэтии көрүөҕэ. Ол — кини төрөөбүт
тылын байытар санааттан киирии тыллары сахатытан суруйууну
саҕалааһына. Бэйиэмэ, оччотооҕу кэм тыыныгар сөп түбэһин-
нэрэн, кыһыл өрт уотунан сирэйдээн, баттаммыт норуот өрө
туруутун хоһуйар.
y Айымньы романтическай күүрээнин (пафос) ханнык ньымала-
рынан тиэрдэрин болҕойон ааҕыҥ.
y Ааптар бэйэтэ тылбаастаан биэрбит тылларын таһынан, өссө
тылы араастаан дьүөрэлээн, ханнык саҥа өйдөбүллэри үөскэп-
питин кэтээн көрүҥ. Холобур, Сата дьаралҕан, Хара бурут са-
наа… Туох суолталаахтарын билиэххэ сөп дуо?
94