Page 98 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 98

тугу  эрэ  лахсыйа  истэ.  Өлөксөй,  эр  бэрдэ,  арахсыы  буолуон
             иннинэ  туораан,  тииккэ  хатааста  хаалла.  Айанньыттар  тиэтэ-
             линэн  бырастыылаһан,  Сэмэнчик  аймана  илигинэ  ыраата  ох-
             соору, хаамсан дьулуруспутунан бардылар.
                /…/ Саас икки-үс күн устатыгар үрэх сүнньэ уунан киэптээн
             дохсун сүүрүгүнэн доллоһуйар, онтон иҥэ-сүтэ охсон тус-тус-
             па көлүйэ күөллэр буола бысталанан хаалар. Үрэх сүнньүгэр
             киирдэххинэ,  бадарааҥҥа  батыллаҕын,  халдьаайыга  таҕыс-
             таххына,  уллуҥаххын  бытархай  таастаах  хаппыт  суол  тулуп-
             пат. Айанньыттар дөрүн-дөрүн олоро түһэн, мас күлүгэр сын-
             ньаналлар, иэдьэгэй өйүөлэриттэн кытаахтаан сииллэр уонна
             эмиэ хаамсыбытынан бараллар.
                Суол  кытыытыттан  оҕолоох  куртуйахтар  көтөн  күлүбүрэһэн
             тахсаннар, куллурҕаһа-куллурҕаһа, тыа быыһыгар тарҕанан тү-
             һэллэр. Микиитэ мутугу туппутунан атаҕа ыстаммытын бэйэтэ
             да билбэккэ хаалар. Атах анныттан моҕотой сүүрэн хойуу куту-
             ругунан угуйан субуруҥнуур. Уол хаһыытаабытынан эккирэтэн
             тааһынан-маһынан тамнаан сарымтахтанар. Ийэтэ суол устун
             бара турар. Уол өр улдьааран хаалан баран, тиритэн-хорутан
             бэрт эрэйинэн ийэтин ситэр. Сороҕор ийэтэ суол кытыытыгар
             көһүтэн олорон этэр:
                — Бу  курдук  айаннааммыт,  xahaн  тиийэр  дьоммутуй  бу?
             Муннаҕа диэн куттаныы бөҕөнү куттанным…
                Уол  ийэтин  сүрдээхтик  аһынар,  аны  үөнү-көйүүрү  эккирэ-
             тиһиэ суох буолар. Хаампахтаабыттарын кэннэ, эмиэ куртуйах
             көтөн күлүбүрүүр, моҕотой сүүрэн субуруҥнуур. Тиит аллараа
             мутугар  олорор  тураах  оҕото  айаҕын  аппаччы  атан,  уулаа-
             ҕынан-хаардааҕынан көрөн турулуҥнатар. Уол эмиэ тулуйбат,
             эккирэппитинэн, бултаспытынан барар.
                /…/
                Моонньугар икки-үс бөдөҥ таммах түстэ. Сырдык чаҕылҕан
             курбуулаата, уол төбөтүн оройугар дьулаан этиҥ дэлби ыстан-
             на, дохсун ардах түһэн куугунаабытынан барда. Уол ырбаахы-
             тын  ыстааныгар  симмэхтээтэ,  кинигэтин  уолугунан  батары
             биэ рэн, көхсүн диэки куду анньынна, сүүрэн маҕыйда.
                Ийэтэ  куттаныы  бөҕөнү  куттанан,  арбахтаах  бэс  анныгар
             олорор эбит. Уол ийэтиниин куустуспутунан бэс анныгар олор-
             дулар. Сотору coҕyc буолаат, ньылбы сытыйан хааллылар.
                Дохсун ардах түспүтүн курдук эмискэччи аста оҕуста. Хал-
             дьаайы  тэлгэҕинээҕи  хаппыт  суолунан  соһуйбут  харах  курдук
             бөлтөрүттэҕэс  хабахтар  уһуннулар.  Сотору-сотору  туората-
             лыыр  дулҕалаах  үрүйэнэн  бадарааннаах  уу  халыһыйа  сүүрү-

              98
   93   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103