Page 97 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 97
Ааҕыы, ырытыы
СААСКЫ КЭМ
Үһүс төгүлэ
УЛАХАН УЛАРЫЙЫЫЛАР
Тирэх булуна
/…/
Лэглээриннэр оттообут отторун былдьатаннар, улахан кы-
һал ҕаны көрдүлэр. Баар-суох соҕотох ынахтарын, быйыл саас
эрдэ аан маҥнай төрөөбүт бургунастарын уонна оҕус бороос-
куларын аһатар отторо суох. Caҥa томуйахтара иккис күнүгэр
өлөн хаалбыта.
Kүһүөрү кыһын Сүөдэр Бэһиэлэйэп «алыс аһынарын» туһунан
дойҕохтоон-дойҕохтоон баран, Дьөгүөрдээн оттообут отуттан
биир сыарҕа оту «бэссээри» гыммытын Дьөгүөрдээн ылбатаҕа.
— Бүтүннүү мэҥиэһин! — диэн кини дьорҕооттук хаһыытаан
кэбиспитэ.
Онтон ыла Сүөдэри көрсүстэҕинэ, айаҕын атан биир тылы
кэпсэппэт гынан баран, «оту ылбаккабын даҕаны» диэн иһигэр
кэмсинэ саныыр. Лэглээриннэр ыалларыттан түүтэх отунан
көрдөһөллөр эбэтэр сээкэйгэ атыыласпыта буолаллар. Дьө-
гүөрдээн былах быһан, иирэ талаҕы, хахыйаҕы аҕалан ынаҕар
көмүллэтэр. Сыгынах анныгар чыс хаһаанан мунньубут сэ-
бирдэҕин, отонун угун сүгэн киллэрэн ууран биэрэр.
Сайын ортото дьиэ мунньаҕар, бэрт өр дьүүллэһии кэннит-
тэн, Сөдүөччүйэ Микиитэлиин Наҕылга «тирэх булуна» барар
буоллулар. Өссө биир кыһыны хайдах эмэ гынан туоруулла-
ра буоллар! Онтон антах, баҕар, өҥ дьыл буолуо, от-бурдук
үүнүө, баҕар, үтүө булду бултаан кэбиһиэхтэрэ, оҕолор улаа-
тыахтара. Онон кинилэр да хайдах эмэ, баҕар, атахтарыгар
туран барыахтара этэ буоллаҕа.
Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар. Сөдүөччүйэ туос туу-
йас түгэҕэр өйүө иэдьэгэйин тутта, Микиитэ Сахаров иккис
кинигэтин ылла. Сахаров маҥнайгы кинигэтэ, Вахтеровтар
кинигэлэрэ, ааҕыллан-ааҕыллан, ким истиэххэ айылаахха ба-
рытыгар кэпсэнэн, илдьирийэн хаалбыта.
Сайыҥҥы эрдэ сарсыарда дьиэ кэргэн бүтүннүү кыракый
балаҕан кэннинээҕи тыаҕа киирдилэр. Иккилээх Сэмэнчик аҕа-
тыгар көтөхтөрбүтүнэн икки илиитинэн даллаҥныы, күлэ-сала,
97