Page 100 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 100
Сыччыай, уурай даа… Дьадаҥы муҥнаах дьон буоламмыт…
Харачааһым, Кугастаайым…
Дьэ ити сүөһүтүн ахтыан иннинэ уурайыах баара. Ити аата
аны кини ытыыр. Уол кууһа түстэ. Ийэтин хараҕын уута хайыы
үйэҕэ таҥнары мөлбөрүйэн эрэр эбит.
— Ийээ, ийээ, чыычааҕым оҕотоо! Уоскуй даа!..
— Бэйи, уоскуйуом… — диэн ботугураата, ийэ бүк түһэн
олорбохтоон баран, хараҕын уутун туора соттуммахтаата.
Уураһыы, сыллаһыы, тупсуу буолла. Уон иккилээх-үстээх
бэ дик хайа эрэ саталынан түүрүлүннэ, чэпчээтэ, кыракый ха-
тыҥыр ийэтин yҥуox харыларыгар көтөхтөрөн, түөһүн ортоту-
гар кирийэн хаалла.
/…/
— Чэ, сэрэнэн, кинигэҕин ылан көрүөх эрэ, сыччыай…
Кинигэлэрин ылан көрбүттэрэ, кэлимсэлэһэ сытыйан хаал-
быт. Сөдүөччүйэ былаатын устан бэрт сэрэҕинэн кинигэни
суулаата. Онтон ньучураан суол устун мүччү-халты тэбинэн
айаннаабытынан бардылар. Көнө суолга таҕысталлар эрэ,
ирээри, сир ылан хаалаары, сүүрэн саппарыһаллар. Тоҥон,
сылайан, ыксаатылар.
Муннуларын өрүтэ сыҥан кэбиһэ-кэбиһэ, бэрт оргууй хаам-
сан байааттаҥнаһа истилэр. «Сатаатар биир эмэ киһи кэлбэт
буолан…» — диэн Сөдүөччүйэ ботугуруур, кэннин хайыһан көр-
бөхтүүр.
Ким да суох, арай тыа куугунуур, тииттэр хойуу чыпчаалла-
ра биэтэҥнэһэн, халлаантан былыты хастыы сатыырга дылы
гыналлар.
Тугу барытын умнан, тугу да кэрэхсээбэт, аахайбат буолан
тэлбиҥнэһэн истилэр.
— Но, бу туох абааһы дьоной! — кэннилэригэр эр киһи
саҥата өрө чаҕылла түһээт, эрчимнээхтик күлэн бааһыгыраа-
та. Алдьархайтан абырыы үөрүйэхтээх ийэ уолун кууспутунан
туора ойдо.
Охоноос Маппыайап ситэн кэлбит эбит. Кини ууттан хос-
тоо бут курдук ньылбы сытыйан баран, санаата ордук көммүккэ
дылы буолбут.
Дыабаспыт синньигэс атахтардаах ыас хара ат биир сиргэ
тэпсэҥэлээтэ, кулгаахтарынан кырыйбахтаата, дьабадьыла-
рыттан үрүҥ күүгэннэри түһэртии-түһэртии кырыытынан кын-
таҥнаата.
Ким эмэ кэлээрэй диэн кэтэһэ сатыыр эрээри, ыҥыыр ат-
таах киһи ситэн кэлбитин истибэт дьон буолбуттар эбит.
100