Page 105 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 105
Тыыннаах тыл
Айан быһылааннарыттан үллэстэн кэпсээҥ:
— «Микиитэ мутугу туппутунан атаҕа ыстаммытын бэйэтэ да
билбэккэ хаалла»;
— «Кинигэбин илби сытытан кэбистим… Эн буоллаххына «ыс-
таан да ыстаан»…»;
— «Ийээ, ийээ, чыычааҕым оҕотоо! Уоскуй даа!..»;
— «Ити сордоох мутуктарга атаххын дьөлө үктээн кэбиһээри
гынаҕын дуо? — уол «бардьыгынаан» чардыргыы түстэ»;
— «Сөдүөччүйэ тууйаһыттан иэдьэгэй бытархайын сотон ылан
ууга быраҕаттаата».
* * *
Hөҥүө сарсыардатыгар Сөдүөччүйэ Дьөгүөркэ диэн киһини
ыйыталаста.
— Ии, ол Дьөгүөркэттэн баҕас тугу туһанаары! Собус-соҕо-
тох ынахтаах, — диэтэ дьиэлээх эмээхсин.
— Туһанаары гыммаппын, көрүөм эрэ этэ.
— Дьөгүөркэ соҕотох ынахтаахпын диэбэт, хата, тойотторго
дьорҕойор! — оҕонньор сиилээн саҥарда. — Дьөгүөркэҥ чучу-
раан киһи буолан турар.
— Биһиги тойоттор буолбатахпыт, биһиэхэ дьорҕойуо суоҕа.
Чучураан Дьөгүөркэ балаҕанын ыйдаран кинилэр бардылар.
Уйадыйдаҕына caҥapap быһыытынан, кэҥириитинэн соҕус
саҥаран, Сөдүөччүйэ былыргыны кэпсии истэ:
— Түөрт уонча сыл аастаҕа ини. Дьөгүөркэ миигиттэн үс
сыл балыс этэ. Ынах хомуйарга кыайан хаампакка муҥнуура.
Кэнниттэн иһэммин куттаан, чыпчаххайынан атаҕын чугаһынан
си ри охсобун, аргыый ытыы-ытыы, сыгынньах атаҕын өрүтэ
кө төхпөхтүүр. Сүрдээхтик таптыыр этэ ээ, ол үрдүнэн. Мин да
таптыырым, кистээн ahaтa сатыыр этим. Киниттэн тугу ордук
санаан көрдүөхпүнүй, дьиэтигэр баар буоллаҕына, хайдах киһи
буолтун харахпынан көрөн тахсыам эбитэ буолуо.
Чараас ойууру туораат, аана аһыллан турар буор сыбахтаах
быыкаайык балаҕаҥҥа кэллилэр.
Сытыытык көрбүт-истибит, хара бытыктаах эр киһи, торбос
үтүлүктэри ньилбэгэр ууран олорон, үс атахтаах төгүрүк ос -
туол га от үөрэни иһэн бордурҕатар. Туос иһит тигэр кыра
уҥуохтаах эдэр дьахтар, тырыттыбыт ырбаахытын бүүрэ хар-
банаат, бэйэтин курдук «тырыттыбыттар» киирбиттэриттэн
105