Page 109 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 109
— Чэ, Микиитээ, кэпсии түс, доҕор, — диэтэ Дьөгүөркэ.
— Чэ, чэ! — дэһистилэр онтон-мантан.
— Охоноос, эн кыра оҕону баҕас бостуой…
Ийэтэ дьулайбыт саҥатын истээт, уол ийэтин уоскутар, оч-
чо олус кырата суоҕун биллэрэр өйдөннө. Ыраахтааҕы уһул-
лубутун туһунан Ярославскай митиҥҥэ аан маҥнай хайдах
биллэрбитин, кэтит, кыһыл лиэнтэни нотуруускалыы кэппит та-
раҕай оҕонньор куттаммытын, полиция тойоно, ураҕас курдук
yhyн Рубцов шашкатынан лаҥкырдаабытынан ойон турбутун
кэпсээбитинэн барда.
/…/
Микиитэ ийэтин диэки көрө түспүтэ, ийэтин ыраас хараҕа
хайыы үйэҕэ үөрэн күлүмүрдүү охсубут эбит. Оҕотун хайҕап-
пыт киһи, хайыай! Онтон Серго уонна Ярославскай хайдах тыл
эппиттэрин, күбүрүнээтэр оҕонньор хайдах «даамын биэрби-
тин» туһунан Микиитэ кэпсээтэ, уутугар-хаарыгар киирэн ба-
ран, кини тус бэйэтэ хайдах Кирсанованы уонна Ярославскайы
көрсүтэлээбитин да умнубата.
…
— Онтон сийиэс буолла…
— Ону биһиги билэбит, кэпсээбиттэрэ…
— Өрүс эстибитин кэннэ сийиэһи салгыы ыытан кыра дьо-
ну сирдиир-дойдулуур туһунан кэпсэтиэх буолбуттар, — диэн
барда Дьөгүөркэ. — Ону баара сири-уоту саастарын тухары
сиэн олороору, сийиэһи баайдар ыҥыттарбат буолбуттар үhү.
— Дьөгүөр Уйбаанабыс, тохтуу түс эрэ, — диэтэ Охоноос
хайдах эрэ ордук эйэҕэстик. — Микиитээ, били саха бастыҥ
тойотторун Силиипэби, Ньукунуорабы уонна били хара үлэһит
Боппуогу кэпсээ эрэ.
Куорат туһунан Микиитэ кэпсиир бэрт үгүс кэпсээннэри-
гэр дьэ ити кини саамай хотоойулаах сирэ. Силиипэп кинини
кымньыынан куһардатан эрдэҕинэ, саха Сэргэй Бөтүрүөп уон-
на нуучча Иван Воинов быыһаан ылбыттарын, ол дьон киниэхэ
толору доҕор-атас буолбуттаран туһунан кэпсээтэ.
— Бу ыты көрдүҥ дуо! Кымньыынан оҕону таһыйар ээ! —
диэн дьон улаханнык абаланнылар.
/…/
— Боппуок диэн саха ойон тахсан эттэ… — Микиитэ төҥүр-
гэ һигэр ыстанан тахсан хаһыытаабытынан барда. — Хара үлэ-
һиттэр ааттарыттан этэр Боппуок диэн киһи буолабын! Дьа-
даҥы киһи баайтан куттаммат күнэ дьэ кэллэ!..
109