Page 110 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 110

— Оттон дьэ ситиннэ мин эмискэччи ойон тураммын: «Биһи-
             ги  Наҕыл  улууһугар  ыраахтааҕы  саҕана  баай  Ыадалгын  кулу-
             балаан  олорбута,  билигин  Ньукууһа  Сыҕаайап  баһылыктаан
             олорор», — диэн хаһыытаабыппын эн өйдүүгүн дуо?
                — Өйдөөмүнэ  доҕор!  —  Микиитэ  хап-сабар  Охонооско  хо-
             руйдуу  оҕуста.  —  «Ньукууһа  Сыҕаайап  ол  олорор»  диэн  өссө
             бу курдук ыйбытыҥ дии.
                — Онтон ыла миигин Ньукууһа тыыннаахтыы ыйыстыан бэр-
             кэ  баҕарар  да,  мин  дар  уҥуох  баҕайы  буоллаҕым  дии!  «Ха-
             рыам» диэн эмиэ да куттанар быһыылаах.
                — Иһиттигит  дуо?  —  диэтэ  Дьөгүөркэ.  —  Ыраахтааҕы  суох
             буоларын буолла да, баайдарыҥ хааллылар эбээт! Биһиги yhy-
             гap  тиэрдэ  охсуһан,  бэйэбит  хара  көлөһүммүтүн  тохпут  үтүө
             ходуһаларбытын,  солооһуннарбытын  кинилэртэн  былдьаан
             ылыах тустаахпыт. Саха биир бастыҥ баайын ол Боппуок диэн
             киһи хайдах курдук салыннарбытын иһиттигит дии.
                — Истэн, доҕор, дьэ!
                — Баайдар сиргэ үлэлээбэттэр да, сири бар дьонтон был-
             дьаан сылдьаллар.
                — Дьөгүөркэ бэрт сөпкө этэр!
                — Бар дьону түмэн, бары кимэн киириэх тустаахпыт.
                /…/




                    Ыйытыылар уонна сорудахтар
                1.  «Киниттэн тугу ордук санаан көрдүөхпүнүй, дьиэтигэр баар
                   буоллаҕына,  хайдах  киһи  буолтун  харахпынан  көрөн  тах-
                   сыам эбитэ буолуо», — диэн ким ким туһунан этэрий? Ман-
                   на ханнык сыһыан көстөрүй?
                2.  «Oччoҕo  кинилэр  биһиги  көлөһүммүтүнэн  байаллар  эбит
                  дии! Оччоҕo биһиги бэйэбитигэр үлэлээбэккэ, тоҕо кинилэр-
                  гэ үлэлиибит!» диэн ким тылларай? Эһиги санааҕытыгар?
                3.  Микиитэ  Наҕыл  дьадаҥыларыгар  тугу  кэпсээтэ?  Манна
                  кини хайа іттµнэн арылынна?
                                          * * *
                Ыалларга  киирэ-киирэ  тахсаллар.  Сорохтор  көҥөнөн  кэп-
             сэппэттэр, өссө мөҕөн таһаараллар. Сорохтор эйэҕэстик кэп-
             сэтэллэр, кыра арыы киллэрэн биэрэллэр. Сорохтор тэриэл-
             кэҕэ үгүс арыыны уураннар, чэй иһэрдэллэр. Оччоҕо чэйи иһэн
             бүтэн баран, Сөдүөччүйэ дьиэлээх дьахтарга этэр:
                — Бу арыы тобоҕун мин ылаары гынным ээ.

              110
   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114   115