Page 108 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 108

Ол  киһи  Арассыыйа  хотунтан  ыыппыт  кыһыл  сэриилэрэ
             Лена  өрүһүнэн  сотору  манна  кэлиэхтэрэ  үһү.  Биһиги,  Наҕыл
             улууһун  суоҕа-дьадаҥыта  бука  бары  бииргэ  холбоһоммут,
             баай дарбытыгар  кимиэллээхтик  кимэн  киириэх  тустаахпыт.
             Бу Талба нэһилиэгиттэн Охоноос Маппыайап Саха уобалаһын
             мунньаҕар  сылдьыбыта.  Ол  мунньаҕы  судаарыскай  дьон  са-
             лайбыттар.  Биһиги  билигин  баайдартан  кыраны  көрдүүбүт.
             Саас-үйэ  тухары  бэйэбит  хара  көлөһүммүт  тохтубут  ходуһа-
             ларыттан,  бэйэбит  чэрдээх  илиибитинэн  бу  солуу  турар  со-
             лооһуннарбытыттан  биэрдинэр.  Сири  дууһанан  түҥэттиэҕиҥ.
             Биһиги  да  дьоммут  буолбат  дуо?!  Биэрбэт  буоллахтарына,
             былдьаталаан  ылыаҕыҥ!  Сыҕаайаптар  үлэһиттэрэ  сөбүлүүл-
             лэр, Талбалар Охоноосторо сөбүлүүр…
                — Ээ,  Сөдүөччүйэ,  оҕоҕун  илдьэ  бэттэх  кэл!  —  дии  түстэ
             Дьөгүөркэ, ити икки ардыгар солооһун саҕатыгар турар дьону
             көрө  охсон.  —  Кэлиҥ,  куттанымаҥ,  эмиэ  эһиги  курдук,  дьа-
             даҥылар  мунньустан,  бүттүүммүт  олоҕун  туһунан  сэһэргэһэн
             эрэбит. Эһиги Охонооскут манна баар!
                Сөдүөччүйэ  кимин-хайатын  Дьөгүөркэ  кэпсии  оҕуста  бы-
             һыылаах, дьон эйэҕэстик мичээрдээбитинэн көрүстүлэр.
                — Дьэ,  биһиги,  Талбалар  да  араастаах  буолабыт.  —  Охо-
             ноос дьонун мичээрдээбитинэн көрүстэ. — Мин эһигини кытта
             күүспүн холбоору таҕыстым, оттон бу, Сөдүөччүйэ эһиги баай-
             даргытыттан көрдөһөн аһыннара таҕыста.
                — Аһыммаккалар! — биир аҕамсыйбыт киһи илбирийбит нэк
             бэргэһэтин төбөтүттэн сулбу тардан ылан одууласта. — Биһиги
             харахпыт уутугар хараастыбат дьон буолуохтара.
                — «Баайдартан» буолан… Оттон, бу, Дьөгүөркэ эмиэ көмө-
             лөстө дии. — Сөдүөччүйэ тууйаһын иҥнэри тутан көрдөрдө. —
             Отонноотоххо оҥоойук туолар.
                — Оонньоон этэбин. — Охоноос алы гынан кэбистэ. — Хата,
             хаһан  дойдулуугут?  Эмиэ  аргыстаспаппыт  дуо?  Мин  сотору
             төннөбүн  ээ…  —  онтон  Микиитэни  илиититтэн  хаба  охсон
             ылла.  —  Көрүҥ  эрэ,  судаарыскай  бассабыыктары  илэ  бэйэ-
             тинэн билсибит, бииргэ олорбут, кинилэри кытта бииргэ сыл-
             дьан  күбүрүнээтэр  тойону  суулларсыбыт  киһи  дьэ  илэ  бэйэ-
             тинэн бу кэллэ.
                Бары сэргэҕэлии түстүлэр. Охоноос уолу көтөҕөн ылан, бии
             Дьөгүөркэ турбут төҥүргэһигэр туруора охсон кэбистэ.
                — Кэпсии түс эрэ, Микиитэ…
                Уол  тугу  эмэни  этиэн  дуу,  эбэтэр  саҥата  суох  ыстанан
             түһэн, сүүрэн хаалыан дуу билбэккэ эргичиҥнии турда.

              108
   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113