Page 107 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 107

тигэн  тардырҕаппытынан  барда,  кини  кулгаахтарын  төбөлөрө
         кытардылар.
            Сөдүөччүйэ  икки  илиитин  арыы  диэки  уунан  иһэн  тохтуу
         түстэ.
            — Кэбис, Дьөгүөркээ…
            — Кэбис-кэбис, Сөдүөччүйээ! Кыһыл көмүстээҕим да буол-
           лар  эйигиттэн  харыстыам  cyoҕa  этэ.  —  Сөдүөччүйэ  сирэйин
         одуулаһан  турбахтаата  уонна,  күлэ  түһээт,  туох  да  ситимэ
         суохтук  эттэ:  —  Өрүү  кырдьыбат  эбиккин  дии,  нууччаҥ  нууч-
         чаҕынан!.. Ити мин oйоҕум, бу мин оҕолорум… Ойоҕум арыы-
         тын аһыйа саныыр быһыылаах… Аһыйыма, доҕop… Бу Сөдүөч-
         чүйэ биһикки бииргэ үөскээбит дьоммут. Кыра эрдэхпинэ кини
         көрөн-харайан киһи гымматаҕа буоллар, эн, бука, бу бэйэлээх
         эр бэрдигэр түбэһэн бачча дьоллонуоҥ cyoҕa эбитэ буолуо.
            Дьахтар килбиктик күлэ түһэн баран эттэ:
            — Бу  дьүһүлэнэн  эрдэҕин  көрүҥ!  Аһыйбаппын…  Аһыйбап-
         пын ээ…
            — Буоллаҕа ол дии! Чэ мин үлэбэр бардым. Баайдарга сис
         солуубун.  Тыа  бараммат,  Дьөгүөркэ  байбат,  баай  аһыммат…
         Бэйи ити хайдаҕый, дьадаҥылар буорга киириэхпитигэр диэ-
         ри  үлэлиибит  да,  байбаппыт,  оттон  кинилэр  тугу  да  гыммат
         эрээри байдар-байан иһэллэр. Toҕo итиннигий, Сөдүөччүйээ?
            — Ким билэр, доҕoop, oҥоруубут оннуга эбитэ дуу?..
            — Оттон биһиги үлэлээбэппит эбитэ буоллар, баайдар ба-
         йыахтара этэ дуо?
            — Ким билэр, суох буолуо…
            — Oччoҕo  кинилэр  биһиги  көлөһүммүтүнэн  байаллар  эбит
         дии! Оччоҕo биһиги бэйэбитигэр үлэлээбэккэ, тоҕо кинилэргэ
         үлэлиибит!  Судургу  да  coҕycкa  дылы  эбит  буолбат  дуо?  Чэ,
         мин үлэбэр хойутаатым. Эһиги наҕылыйан чэйдээҥ, кэпсэтиҥ.
         Өкүлүүн, күүһүҥ кыайарынан бу дьону аһатан көр, доҕop! Өссө
         көрсүөхпүт, сылдьаар, Сөдүөччүйээ, — Дьөгүөркэ үлэтигэр ба-
         ран хаалла.
            Сөдүөччүйэ уолунаан иэдьэгэйдээх чэйи астына иһэн, Өкү-
         лүүнү кытта сэһэргэһэн баран xоҥуннулар. Тыа суолунан хаам-
         сан  иһэн  үгүс  буруо-тараа  унаарыйбыт  сиригэр  киирэн  кэл-
         лилэр.
            Биир сиргэ сүүрбэччэ киһи мунньустан олорор. Ортолору-
         гар биир киһи суон төҥүргэскэ тахсан туран, тугу эрэ саҥаран
         чоргуйан эрэр. Чугahaaн кэлбиттэрэ, Дьөгүөркэ буолан хаалла.
            — Бүтүн  Арассыыйа  үрдүнэн  Болодьумаар  Лиэнин  диэн
         сүҥкэннээхэй киһи салайар норуотун былааһа буолбут үһү.

                                                                      107
   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112