Page 112 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 112
ран, өлөн хаалбыта. Биир үтүөкэн оҕустаахпыт туран сааһы
быһа… — oҕyha бу эмээхсин илиитигэр киирбитин өйдөөн,
Сөдүөччүйэ тохтуу түстэ. — Оҕолордоохпут да, сүөһүбүт суох…
Эмээхсин баттаҕын тиэрэ кэҕийэн кэбистэ:
— Ол иһин Наҕылга умналыы таҕыстыҥ дуо?
— Умналаабатарбын даҕаны, оттон тирэх булунаайабын
диэн…
— Сааппаккын даҕаны!..
— Кыһалҕа эмиэ бэрт…
— Кыһалҕа даа? Талаа эбээт. Миэхэ сылдьа да сорунума.
— Сылдьыам диэбитим.
— Сылдьыма диэтим!
Эмээхсин уолун Ньукууһа Сыҕаайап дьиэтигэр киирэн оло-
рор эбит.
Бэрт өр caҥa суох буолла. Эмээхсин баттаҕын тараанан
күөх солко лиэнтэнэн баанан кэбистэ. Микиитэ «тахсыах» диэн
ботугуруур. Ийэтэ: «Тохтуу түһүөххэ, таба тириитэ имиппит
эрэйбин көрдүөм», — диир.
/…/
Сөдүөччүйэ, уолун сиэҕиттэн тардаат, аан диэки дьулуруйда.
Дьон чэйдэриттэн туруталаан эрэллэр эбит. Бииргэ үөрэм-
мит Баасатын Микиитэ манна дьэ өйдөөн көрдө. Бааса балач -
ча улааппыт, кыһыл сирэйэ өссө ордук кэтирээбит, кини си-
рэйин ханньараҥнатан үтүктэн хаалла да, Микиитэ көрбөтөх
буолан ааста. Дьиэ кэннигэр киирээт, Микиитэ ийэтин инни-
гэр түстэ.
— Ийээ, мин эйигин кытта манна бостуой кэлэммин… Биһи-
гини ким барыта күлүү гынар.
— Сыччыай, оттон дьадаҥы буруйдаах буоллахпыт дии. Ха-
йыахпытый? Toҕo дьадаҥыга төрөөбүккүнүй?..
— Оттон тоҕо төрөппүккүнүй?
— Бэйи, баҕар, биһиги да хаһан эмэ син дьон буолуохпут.
— Хаһан?
— Ону мин билэбин дуо? Таҥара биэрдэҕинэ син дьон
буолуохпут буоллаҕа дии. Tөһө да байдахха, кинилэр курдук
киһини көрө-көрө күлэн кыччыгынаһар биллибэт.
— «Тыһын саҕатыгар диэри ньыламан маҥан, кутуругун төр -
дүгэр диэри кубалҕай маҥан!» — диэн олоҥхо бухатыыра
дьахтарга абаланарын уол үтүктэн эрдэҕинэ, ийэтэ буойан
кэбистэ.
— Ээ, солуута суох caҥарыма. Чэ, күллүннэр. Сотору эһиги
улаатыаххыт. Аҕыйах сылы эрэ тулуйбут киһи… Баҕap, эһиги
112