Page 117 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 117
Тыыннаах тыл
Бэйэ тылынан кэпсээҥ: «Балааҕыйа эмээхсин арыынан, хар-
чынан иэһин-күүһүн тутуута»
Төрдүс төгүлэ
КҮРЭХТЭҺИИ
Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ
Тапталлаах Талба өрүс
Дойдулуур дьолун арай дойдутуттан биирдэ эмэтэ тэйбит-
тээх эрэ киһи толору өйдүөҕэ. Дьолу, үксүгэр, аһаран баран
өйдүүбүт эбээт, биһиги, дьон ортолоро. Чэгиэни — ыалдьа сы-
тан, эдэри — кырдьан иһэн, доҕору хомотон баран өйдүүбүт.
Микиитэ хара маҥнайгыттан дойдутун ахтыбыта.
Күүгэннирэ күрүлүү оргуйар көҥүстэрдээх, дьарҕаа таас
түгэхтээх, дьарылык килбиэн сүүрүктээх, киэҥинэн килбэһийэ
устар Талбатын ахтыбыта. Халлааҥҥа харбаспыт тиһилик
мөҥүөн хайаларын ахтыбыта. Харах даланын тас өттө күөх
тунаарга иҥэн сүтэр, үгүс өҥнөнөн долгулдьуйа долгуннурар
Киэлимэ ходуһатын ахтыбыта. Tөһө да былдьаабыттарын иһин,
бэйэтин сиринэн ааҕарын уураппатах, чуумпу Дулҕалааҕын ах-
тыбыта.
Күөх далай күөллэрин, баай хара тыаларын, көрдөөх, үлэһит
бар дьонун, биир былдьырыыт булду, биир баахыла кэһиини
үөрэ-көтө үллэстэр дьиэтин кэргэнин ахтыбыта.
Түүн утуйбат, күнүс аһаабат буолбута.
Ыалга кэллэхтэринэ, Микиитэ дьиэҕэ кииримээри, ханна
ойуур саҕатыгар Сахаров кинигэтин ааҕа хаалаары, ийэтиниин
оҕуруот иһиттэн-таһыттан тардыалаһар буолбуттара. Ыалга
киирэн баран, аны ийэтин көрдөһүннэримээри, ботугураһыы,
кынчыатаһыы, тоҥолохтоһуу, чорбоҥноhyy үксээн испитэ.
Онтон дьэ бу, сайыҥҥы сырдык, сөрүүн түүҥҥэ дойдулаан
истэхтэрэ.
…Үрүйэни, от үрэҕи, сүлбэни, көҥүһү аргыстаһан айаннаан
Микиитэ ийэтинээн дойдулаан истилэр. Дойдулара чугаһаа-
таҕын аайы халлааннара улам ыраастыйан, салгыннара улам
чэбдигирэн, суоллара улам дэхситийэн истэ. Онтон иннилэрин
117