Page 102 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 102

— «Сатыыны биэс эрэй тоһуйар, аттааҕы биир эрэй тумнар»
             диэн өс хоһоонун билбэккин дуо эн?
                Ол  биэс  эрэй  кини  ийэтин  тоһуйарын  курдук  Микиитэ  са-
             наата.
                — Мин түстүм! — Микиитэ аттан ыстанан кэбистэ.
                — Муода  киһи  буолар  эбиккин  дии!..  —  Охоноос  ыллаан
             дуораһыппытынан  хаамтара  турда.  Микиитэ  суол  мутуктарын
             оруу  тардан  ыла-ыла,  туора  тамнааттаабытынан  барда.  Ийэ-
             тигэр суол ыраастыыр. Ол үлэтин кини тоҕо эрэ кистиир, Охо-
             ноос кэннин хайыһан көрүөх курдук буоллар эрэ, көнө түһэр,
             ийэм ситэн кэлэн көрүөҕэ диэн эмиэ куттанар, кэннин ха йыс-
             пахтыыр.
                Ийэ-хара  көлөһүнэ  түстэ,  сылайда.  Аттаах  киһи  ыраатан,
             ырыата иһиллибэт буолла.
                Микиитэ  мутугу  ыраах  элитэрэ  мөлтөөн,  көннөрү  суолтан
             эрэ халбарытар буолла. Ол курдук үлэлээн, илистэн истэҕинэ,
             суол  тоҕойун  кэнниттэн  эмискэччи  ийэтэ  тахсан  кэлэн,  ула-
             ханнык соһуйда.
                — Хайа, бу тоҕо хааллыҥ?
                Уол мутугу кэннигэр тута охсоот, эттэ:
                — Хаамаары…
                — Аата  муодатын  баҕаһын!  «Оҕом  абыраннаҕа»  диэн  үөрэ
             испитим. Түҥнэрибит да бэрт дии! Toҕo маһынан тамнааттана
             иһэҕин?
                Тугу да этэрин булбакка, «оонньоон» диэн кэбиһэн, уол дьэ
             ордук буорайда. Кырдьыга даҕаны, аанньа буолбут киһи үрэх
             сиһигэр, көстө илистиэр диэри, маһынан тамнааттана оонньуо
             дуо!
                — Суол мутугун ыраастыыбын…
                — Ол тоҕо?
                — Ити сордоох мутуктарга атаххын дьөлө үктээн кэбиһээри
             гынаҕын дуо? — уол «бардьыгынаан» чардыргыы түстэ.
                Балачча  өр  суолу  одуулаһа  испэхтээн  баран,  ийэтэ  үөһэ
             тыынна уонна бытааннык ботугураан эттэ:
                — Оокком дьүһүнүн даа… Акаарытын да… Мин туспар! Ону
             баара… Чэ, сэрэнэн үктэнэр буолуом…
                Бэрт  өр  хааман  халыҥ  сиһи  туораатылар.  Күн  сардаҥата
             тыкпыт,  уҥа  өттө  намыһах  халдьаайыларынан  сыҥаһаламмыт
             көнө  кырдал  нэлэһийэн  барда,  үрэҕи  бүтэрэн  ааттаах  Наҕыл
             аҥаар кырыытыгар үктэннилэр.
                Бэҕэһээҥҥи үлүгэр этиҥнээх ардах манна таарыйбатах.
                /…/

              102
   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106   107