Page 99 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 99
гүрдэ. Айанньыттар этэрбэстэрин кыбыммытынан хааман ис-
тилэр.
Киэһэрдэ. Аны үрэх сүнньүнэн сүлүһүннээх тымныы тыал
таҥнары үрэн сирилэттэ. Тоҥнулар, ыксаатылар. Охтон сытар
тиит үрдүгэр олорон таҥастарын ыгыннылар, иэдьэгэйдэрин
сиэтилэр. Наҕыл бэтэрээ уһук ыалыгар диэри сир ортотун эрэ
барбыттар.
Ыраах сиргэ айанныырга бэлэмнээн эргэ таҥастарынан
хос-хос абырахтаммыт ньилбэхтэрдээх ыстаан куртуйаҕы, мо-
ҕотойу бултаһар омуҥҥа тырыта сытыйбыта саманна арыллан
иэдээн буолла. Сөдүөччүйэ caҥата суох олорбохтоон баран,
оргууй саҥаран барда:
— Бачча бэдик акаарыта тугун сүрэй! Тугун эрэ саныы-са-
ныы быччайан эрээхтиир буолла…
Микиитэ кистээн кинигэтин харбанан көрө олордо. Кини ты-
рыттыбыт сиидэс ырбаахытыттан ардах иҥнииһи дуо, кинигэтэ
илби сытыйбыт быһыылаах.
— Эргэ тэрэпиискэ туомунан абырахтаабыт ыстаан…
— Саҥалаах ээ! Бии дьааһыкпар симэн сытыарар солкобу-
нан абырахтыам этэ дуо? Өрө быччайан, киммит оҕотой бу!
Кини мөҕөр, быччаҕары мантан ыла тохтотуох буолар.
Уолун бары буруйун биирдэ иэстэһээри соруйан мунньан ахан
сылдьар киһи үhү.
— Бу таҥаспытынан-саппытынан бар дьон сирэйин хай-
дах көрөбүт… Бэйиккэй, алыс бэккэ кыһытан эрэҕин… Мун-
ньан-мунньан баран, хаһан эрэ биирдэ…
— Сааһыҥ тухары саанаҕын…
— Саанан-саанан баран, биирдэ дьоһуннаан кэпсэтиэм ээ.
Уол өрүтэ сыҥан кэбиһэ-кэбиһэ, opгууй ытыы олордо.
Сөдүөччүйэ, ханнык эрэ элбэх салаалаах сарбынньах таах
оту ытыһыгар тэнитэн одуулаһа-одуулаһа, өр саҥата суох
олордо.
— Чэ, түксү, алыс бөтүөхтээмэ! — кини итини сымыйанан
кырыктаммыта буолбут куолаһынан эттэ.
Сотору буолаат, ийэтэ тутан олорор отун уунна:
— Мэ эрэ, сыччыай, көр эрэ маны.
Өрө хайысхаланан кэбиһээт, уол букатын улаханнык ытаан
бээҕинии түстэ:
— Кинигэбин илби сытытан кэбистим… Эн буоллаххына
«ыс таан да ыстаан»…
— Тыый, бу үлүгэри!.. Ону баара мин ооккобун, чыычаах-
пын мөҕөн муҥнуу олорор адьарай кыыһа буоллаҕым дии…
99