Page 92 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 92

Улуу аар  уотунан
                                     6
                           Аччыланан эрэллэр!
                           Сүллэр сүргүөр этиҥ
                           Эҕэрдэ халлаантан таҥнары иҥэрсийдэ!
                           Кыыһар кылбаарар тыҥ
                           Кытарар дьалхаан толбонноро торолуйда!

                                          * * *
                           Оо, бэттэх-бэттэх тур!
                           Сор муҥун дьулайынан тобулбут,
                           Аан дьамаат!
                           Ээ! Мантан-мантан көр!
                           Эрэй-муҥ эгэлгэтин билбит,
                           Улуу дьамаат!
                           Ол!
                           Кыһыл өрт уота
                           Улуу дойду бохсурҕатын сиэн эрэр!
                           Ол!
                           Илбис-сах уота
                           Боҕуу-хара муҥу быһа аччылаан эрэр!

                                          * * *
                           Хара-тыын хаппытаал
                           Хара баттала дьалбарыйар саҕа буолла!
                           Илбис-тыын хаппытаал
                           Эрэй илбиһэ тэлгэрийэр кэмэ кэллэ!
                           Улуу чупчурҕаннаах
                           Уот-сойуо тумус тугулуттан туллан эрэр!
                           Өлүү өргөстөрдөөх
                           Хаан-дэгиэ тыҥырах туураттан түһэн эрэр!

                                          * * *
                           Бэттэх көрөн, мичий!
                           Хатан хандалыҥ сууллан эрэр,
                           Хара дьамаат!
                           Манна туран, битий!
                           Тыйыс бохсурҕаҥ уулан эрэр,
                           Билэ дьамаат!






                6  Священный

              92
   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97