Page 87 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 87

лаан барарга санаммыта, оттон манна буолла±ына хайыы-µйэ
         большевиктар  баар  буолбуттара  билиннэ.  Билигин  кинилэри
         кірдіін булуталыахха эрэ наада.



                Тылбытын байытабыт
               Романовскай  династия,  тэрэпиэһинньик,  аҕыраада,  аалтаар,
            колокуонньа, лозунг, рекламация, лөчүөк, хоруобуйа, баҕыырдаах,
            хоттуус, илэчиискэ диэн тыллары быһаарыҥ.



                Ыйытыылар уонна сорудахтар

            1.  Сеня Оноев ураты майгытын, хорсун сырыыларын туһунан
               кэпсээҥ.
            2.  Сеня хорсуна, Коля толкуйа холбоһон, дьон­сэргэ өйүгэр­са-
               наатыгар эрэл санаа уотун уматаллар. Биир санаанан салай-
               тарбатахтара буоллар итини ситиһиэхтэр этэ дуо?
            3.  Таҥара  дьиэтин  куупалын  кириэһигэр  прокламациялары
               ыйааһын төһө сөптөөх быһыыный?




                Тыыннаах тыл
            y  «Кыһыл былаах аймалҕана» тиэмэҕэ уус-уран кэпсээһин.
            y  «Коля Манасов уонна Сеня Оноев» тиэмэҕэ өйтөн суруйуу.


                                                        ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

               Бу тиэмэлэртэн талан рефератта суруйуҥ:
            1. Сэһэн прототиптара.
            2. Эрилик Эристиин уус­уран уобараһы айар ньымалара.

                  «Маарыкчаан ыччаттара» арамаан туһунан

            «Маарыкчаан ыччаттара» диэн саха литературатыгар бастакы ара-
         маан  буолбут  айымньыны  суруйуу  улахан  бэлэмнэнии  үлэни  эрэй-
         битэ.  Ол  иһин  Эрилик  Эристиин  Гражданскай  сэрии  устуоруйатын
         туһунан  кинигэлэрин  хаттаан  бэрийэр,  урут  дьон  кэпсээннэригэр
         олоҕуран суруйбут «Боотуруускай улуус революционнай олоҕо» диэн
         уочаркатын хат көрөр, сорох түбэлтэтигэр онтон туһанар.
            Эрилик Эристиин бу арамааныгар саҥа дьон үүнүүлэрин хайа да

                                                                       87
   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92