Page 89 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 89
ГАВРИИЛ ВАСИЛЬЕВИЧ БАИШЕВ–АЛТАН САРЫН
(1898—19..)
Гавриил Васильевич Баишев-Алтан
Сарын Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Дьа-
быыл нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ
1898 сыллаахха төрөөбүтэ. 1922 сыл-
лаахха Дьокуускайга учуутал технику-
мугар үөрэммитэ. Ол кэмҥэ саҥа тэ -
риллибит өрөспүүбүлүкэҕэ сир оҥо -
һуутун наркоматыгар сэкирэтээринэн
үлэлээбитэ. «Саха омук» уопсастыба-
ҕа, Тылбаас хамыыһыйатыгар, онтон
1924 сыллаахха Москваҕа тиийэн, Ки-
нигэ таһаарар киин суутугар А. А. Ива-
нов-Күндэ ананыар диэри үлэлээбитэ.
1925 сыллаахха Ленинградка тиийэн
Илиҥҥи норуоттар үнүстүүттэригэр (Институт живых восточ-
ных языков) үөрэммитэ. Үөрэҕин бүтэрэн, дойдутугар кэлэн,
Саха суругун дьаһайар кэмитиэт учуонай сэкирэтээринэн үлэ-
тин саҕалаабыта. «Кыһыл өрт» бэйиэмэни, «Сайыҥҥы түүн
дьалыҥнара» кэпсээни, атын да айымньылары, «Тыл барҕа-
рыытын туһунан», «Биирдэһиннэрии (цель унификации) уонна
туохха наадалааҕа» диэн уо.д.а. ыстатыйалары суруйан, оччо-
тооҕу хаһыакка, сурунаалга бэчээттэтэн барбыта. 1929 сыл-
лаахха балыырга түбэһэн хаайыллыбыта уонна 1930 сыллаах-
ха сууттаммыта. Кэлиҥҥи дьылҕата чуолкайа биллибэт. Кини
айымньыларын түмэн, олоҕун кэпсээнин үөрэтэн, литерату-
раны чинчийээччи В. Н. Протодьяконов «Тоҕус этиҥ тойуга»
кинигэни Алтан Сарын төрөөбүтэ сүүс сыла туолуутугар бэ-
чээккэ бэлэмнээн таһаартарбыта.
* * *
Г. В. Баишев (Хахайдаах Хабырыылла)… саха тылын күү-
һүн, илбиһин (силу и вдохновенье) үчүгэйдик туппут киһи.
Хас да бэрт ырыалардаах. Сайыҥҥы ардах түһүөн иннинээҕи
кэми ырыанан суруйбута олус бэрт. Суруйар идэ суох. Кэнни-
ки сыаналаах, күндү үлэни күүтэбит.
П. А. Ойуунускай. Саха литературата: кини күүһэ. —
«Кыым», 1926.VII.30
89