Page 88 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 88

айым ньыларынааҕар  сиһилии  уонна  киэҥник  көрдөрбүтэ.  Ону  таһы-
             нан  арамааҥҥа  араас  омук  доҕордоһуутун,  нуучча  норуотун  про-
             грессивнай  оруолун,  Гражданскай  сэриигэ  дьон  маассабай  хорсун
             быһыыларын  тиэмэлэрэ,  норуот  өстөөхтөрүн  саралааһын  киэҥ  сыр-
             датыыны ылбыттара.
                Арамаан  саамай  уһулуччулаах  ситиһиитинэн  Эрилик  Эристиин
             саха  литературатыгар  аан  бастакынан  ыччат  уобараһын  арыйыыта
             буолбута. Үгүс ахсааннаах ыччат саҥа олох туһугар охсуһаллар, олох-
             торун  толук  уураллар.  Суруйааччы  олоххо  ыччат  суолтатын,  күүһүн,
             кыаҕын көрдөрбүтэ. Ол кэмнэргэ, чахчыта да, ыччат уопсастыба ула-
             хан  төһүү  күүһэ  буолбута,  кини  актыыбынай  буолан,  үлэҕэ,  үөрэххэ
             барытыгар ылсыспыта, саҥа олоҕу толору өйөөбүтэ.
                Арамаан оччотооҕу ыччат биир саамай сөбүлээн ааҕар айымньы-
             тынан буолбута. Нуучча саллааттара Н. Островскай «Как закалялась
             сталь»  айымньытын  түөстэригэр  уктан  ааҕа  сылдьан,  өстөөҕү  утары
             охсуһууга киирсэр хорсун санааларын сытыылыыллара уонна сэриигэ
             киирэллэрэ диэн ахталлар, оттон аан бастаан дойдуну көмүскүүр ула-
             хан уоттаах сэриигэ барбыт саха эдэр уолаттара оччотооҕуга саха ли-
             тературатыгар бастакы улахан айымньыны — Эрилик Эристиин «Маа-
             рыкчаан  ыччаттарын»  илдьэ  сылдьан,  кытаанах  санааларын  ылынан
             охсуһууга  киирэллэрэ,  дойдуларын  көмүскүүллэрэ  уонна  төрөөбүт
             төрүт буордарыгар ахтылҕаннарын таһаараллара. Ити курдук ара маан
             дьоҥҥо-сэргэҕэ дьайар күүһэ улахан этэ.
                                                                В. Б. Окорокова



             Аах. Бил. Туһан
                1.  Тобуроков  Н. Н.,  Окорокова  В. Б Б ББ.  Эрилик  Эристиин:  олоҕо
                   уонна  айар  үлэтэ.  —  Дьокуускай:  Ситим­Медиа,  2016.  —
                   328 с.
                2.  Тумат С. Кэм­кэрдии тыына биллэр // Эрилик Эристиин.
                   Кэм  кэхтибэт  кырдьыга.  —  Дьокуускай:  Бичик,  2014.  —
                   С. 3—6.


















              88
   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92   93