Page 133 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 133
БАСТАКЫ ХАРТЫЫНА
Уолака атыыһыт дьиэтэ. Бэттэх аан хос, антах лааппы аана. Сайын.
С а т а р а а л соҕотох.
Сатараал (лааппы ааныгар, сиргэ тыыллан сытан, муос-
та биринтииһин быыһын хасыһар). О, биир эмэ кириибинньик
биилээх кырыыта кылбачыс гын! О, бүгү күннээҕи күөн харчы
күндээрис гын! Уолака атыыһыт лааппытын ааныгар биир эмэ
кириибинньик хайдах да мүччү түспэт буолуон сатаммат… Ээ,
бу хайаҕаһынан муоста анныгар симиллэр эбит буоллахтара.
Дьэ, оччоҕо, тойонум суоҕар, хата, мин үчүгэй аҕайдык түөр-
сэн көрдөҕүм эбээт… (Луом тимири ойутан аҕалар.)
У о л а к а киирэн кэлэр.
У о л а к а. Хайа, нохоо, бу тугу гынаҕын?
С а т а р а а л. О, бачах! Ээ, түүн ымыы гынаары, бу луому
көрөбүн. (Муннукка ууран кэбиһэр.) Ороспуой кэлэн харчыны
түөһээри гыннаҕына, баһын чокуйуллуо.
У о л а к а. Хайа, били эмээхсин биллибэт дуу?
С а т а р а а л. Хайа эмээхсин, эмээхсин эрэ элбэх ээ?
У о л а к а. Сайсары эмээхсин. Ырыа Сайсары.
С а т а р а а л. Суох, Ырыа Сайсары курдук эмээхсин көстө
илик.
У о л а к а. Оттон хотунуҥ кэлэ илик дуу?
С а т а р а а л. Кэлэ илик… Хотунум барахсаны мин эйи-
гиннээҕэр ордук (хаҥас такыр илиитин иккитэ-үстэ такырыс
гыннарар) аҕынным да… кэлэ илик…
У о л а к а (сыгынньахтанар, саппыкытын сотор). Нохоо,
тахсан аккын сыгынньахтаа эрэ.
С а т а р а а л. Бу эмиэ сөп тыл, ат барахсаны ньылбалыы-
рым кэмнээх буолуо дуо. (Тахсар.)
У о л а к а (сиэркилэҕэ көрүнэ-көрүнэ). Һу, көһүйбүтүм
билиҥҥэ диэри ааспат дуу, уон хонугу быһа. Сайсары эмээх-
син эрийэ-буруйа суолун ыттыы ирдээ да ирдээ. Туох иһин!
Байар иһин! Билиҥҥитэ эрэйим таах хаалыа суох курдук —
көмүс көбөр сүүрээнин Сайсары эрэ эмээхсин билбэт — мин
эмиэ билэр буоллум. Дьэ, ыраах да сир эбит, дьэ, сүрдээх да
эмээх син эбит!.. (Олорор. Ыллыыр, чаһыны собуоттуу-собуот-
туу.). Эрэ ааттаах булчут, кус быһый, ат бөҕө, сааһын тухары
үрэх бастарын кэрийбит киһи этэ. Ол өлөр дьылыгар үрэх
баһыгар биир сүүнэ үгүс көмүстээх үрүйэни булан, ону сууйан,
миэхэ киллэрэн муунта кэриҥнээх көмүһү туттарбыта. Оттон
иккис сырыытыгар эмээхсинин илдьэ тахсан баран, бэйэтэ
133