Page 138 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 138
С а й с а р ы, Н ь у р г у у киирэллэр.
У о л а к а. Дорообо, эдьиийим Сайсары, кэл бэттэх, кэп-
сээ, тугу соруктанан кэллиҥ?
С а й с а р ы. Дорообо, оҕо тойонум. Кыра кэһии сыыс-
таахпын, таптыы саныырым инниттэн, үүнэн иһэр эдэр киһи
киһи буоллун диэн, Быыпсай оҕонньорго иппэккэ, эйиэхэ
аҕаллым. Ылаҥҥын, хоту-соҕуруу куораттартан араас табаар-
да тоҕо тардан аҕалан, биһигини, кыра-хара дьоҥҥун, аһат,
таҥыннар.
У о л а к а. Эдьиийдээтэр эдьиийбин, ийэлээтэр ийэбин ити
иһин таптыыбын, аһынабын ээ, кэм сүрэҕэ чугас. Ол тугу булан
аҕалаахтаатыҥ, көрдөрөн үөрт.
С а й с а р ы. Эйигиттэн, айыы ыраас оҕотуттан, ол мин
көлөһүммэр ымсыырыа диэн, кистиэм дуо — бии оҕонньорум
эрэйдээх суолун солоон, сырдык тыыммын сутука кур гынан
курданан, үрэх баһыгар тахсан, биир тымыр сыыһын сууйа сы-
рыттым. Онтон кыра көмүс оҕотун булан киллэрдим. Наадыйар
буоллаххына, ыл. Туолка суолбун биир хара санаалаах солоо-
бут да, мин да кинини хаһан эмэ билэр баҕайым ини — туома
уҥа атаҕын тойон эрбэҕэ суох сыакаар эбит. Онон кэнэҕэс
мин эҥин-дьүһүн буоллахпына, оннук киһиттэн мин иннибэр
оҕом эн иэстэһээр. Сөп дуо?
У о л а к а. Сөбө кэмнээх буолуо дуо, ийэкээ… Дьэ, мындыр
дууса буолар эбит, сэрэнним да этэ… Чэ, аҕал, ийээ.
С а й с а р ы. Бу баар, ыйаан көр, көрдөр хараҕым иччитэ
төһө буолар эбит.
У о л а к а. Дьэ, ыйаатахпыт. (Маҕаньыытынан ыраастыыр.)
Хайа, бу хараҕыҥ ыалдьаары гыммыт дуу, кытарбыкка дылы.
С а й с а р ы. Ээ, хайдах эрэ көһүөккээтэ. Биир үксүн оҕон-
ньорум эрэйдээх сылдьыбыт сиринэн сылдьан, эчи, ытаан да
быһа сытыйаммын ордук ыарытыннардым быһыылаах.
У о л а к а. Буолаахтаамына. Сотору үтүөрдэр абыраныаҥ
этэ. Дьэ, ыйаан көрүөх эрэ, кырдьык, бу көрдөр хараҕыҥ ич-
1
читин. Хайа доҕоор… оруобуна 9 / 2 солуотунньук. Чуут-чуут
кыыра-кымчы. Хайа, уонун толороруҥ буолаарай, ийээ?
С а й с а р ы. Бу кэннэ суох ээ. Дьэ, ити төһөҕө турарынан
суоттаа. Бу оҕобор тугу эмэ ылларбын диэн, ол мөккүөрэ.
Тоойуом, кэл эрэ, биһиги сүбэлэһэ түһүөх. Чэ, эйиэхэ биир
сатыын ырбаахы таҥаһын ылыахха уонна биир солко былааты,
тараах, ньиэндэ сыыһына.
Н ь у р г у у. Кэбис, ийээ, чэйдэ, табахта, бурдукта уонна
эйиэхэ ырбаахы таҥаһына ылыахха… Миэхэ сатыын ырбаахы,
138