Page 142 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 142
С а т а р а а л. Сөп. Ол Ньургуу хайдах ыалдьар?
С а й с а р ы. Тугум да ыалдьыбат, сэниэм эрэ суох диир
да сытар, кыратык сөтөллөр. Тукаам, куттанан, ыксаан сылдьа-
бын, оҕом тыына кылгаабыта сүр. Быыпсай баайга сэттэ-
лээҕиттэн иитиэххэ сылдьыбыта. Ол быйыл, үлэбин кыайбап-
пын диэн, атаҕынан күрээн миэхэ кээлтэ. Сураҕа, оҕонньор
кыыһырар үһү. Өссө хайдах-хайдах дьаһайар. Хата, бука диэн,
таарыйа улахан уолбар Одьулууҥҥа эт — инилэрин Сылгыһы-
ты уонна Кыыраны илдьэ кэлэн, сүбэлэһэн мин олохпун олох-
тоотунар. Сөп дуо?
С а т а р а а л. Сөп, илдьити баҕас этэн бөҕө буоллаҕа дии.
(Ааны аһан иһэн.) Ийэккэ, дьэ бэйэ бодоҕун тардын — тойонуҥ
Быыпсай, Куудай баай обургу кэллэ… (Тахсар.)
С а й с а р ы. Тыый да, ол күтүр тоҕо кэллэҕэй?
Быыпсай оҕонньор хамначчытынаан киирэллэр.
Б ы ы п с а й. Эмээхсиэн, кэпсээниҥ?
С а й с а р ы. Суох. Кулубам, тойонум, кэллиҥ дуу, эн кэп-
сээниҥ?
Б ы ы п с а й. Кэпсээн суох. Ити атыыһыт уола тоҕо сыл-
дьарый?
С а й с а р ы. Ээ, маннааҕы оҕону соруйаары сылдьар.
Б ы ы п с а й. Ол иһин да кыыскын миигиттэн күрэппит
эбиккин дии, ол Уолака атыыһыкка киһи-сүөһү тэрийээри. Би-
һиги, былыргылыы, сүөһү кэннин кэтиир дьон, аны дьон буо-
луохпут дуо.
С а й с а р ы. Тыый, дьээдьээ, ол оҕобун мин соруйан
күрэппит үһүбүн дуо? Тулуйбат буоллум, ыалдьабын диэн бэ-
йэтэ кээлтэ дии.
Б ы ы п с а й. Икки-үс ый устата күүтэн көрдүм дээ — кыы-
һыҥ биллибэтэ. Онон арай ааҕыстахпына, букатын бүтүстэхпи-
тинэ сөп буолсу.
С а й с а р ы. Тойонуом, ол тугу аахсаары гынаҕын?
Б ы ы п с а й. Но, бу эмээхсин тылын доҕор. Хайа оттон
кыыһыҥ миэхэ 7 сааһыттан аһаабыта, таҥныбыта буолбат дуо?
Эн кини аһа-таҥаһа диэн миэхэ тугу биэртиҥий? Оччоҕо ону эт.
С а й с а р ы. Тугу биэриэм этэй? Оттон атын оҕолорум
курдук, эмиэ көлөһүнүн иһин сырыттаҕа дии саныыбын ээ.
Б ы ы п с а й. Ээ, ол эн сэттэлээх кыыһыҥ көлөһүннээх
үһү дуу? Үчүгэй бухатыыр оҕо төрөөбүт эбит. Чэ, кэбис, соло
суох, хаалар тылы саҥарыма, булгуччу төлөтө кэлэн олоро-
бун. Аны кэлэн эн кыыһыҥ миэхэ туһалыыра биллибэт. Онон
142