Page 147 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 147

буолбат дуо… О, бу тоойбун соҕотохтуу быраҕан сиэттэхпин…
         Саатар,  бэйэм  баарым  буоллар…  Тоҕо  көһүппэккэ  куоттуҥ,
         көмүһүөм… Аа, абабыан!.. (Ытыыр.) О, тойон таҥара, кэбилээ-
         тэҕиҥ тугун баҕас сүрэй… (Таҥаратын ылар.) Бу туох өлүүтэй,
         алдьархайай?! Тоҕо истибэккин-көрбөккүн, аһыммаккын?! Мас
         таҥараа, алаатыгар бааргын дуу, суоххун дуу?! Ситэри… Ситэ-
         ри, батары көр, мас таҥараа!.. (Таҥаратын сиргэ быраҕар.)
                                      Б ы ы с



                Тылбытын байытабыт

               Араҥа,  сарыы,  сүүс,  сүлүһүн,  отоһут,  солуотунньук,  кыры-
            быайка диэн тыллары быһаарыҥ.



                Ыйытыылар уонна сорудахтар

            1.  Сайсары  муударайа,  мындыра  ханнык  түгэннэртэн  көстө­
               рүй?
            2.  Ньургуу: «Тоойуом… Бүөккэ уолга этээр: миигиттэн хор-
               гуппатын…» — диэн этиитэ туох ис номохтооҕуй?
            3.  Сайсары  Быыпсайы  кытта  кэпсэтиитигэр  кини  хара  ба­
               лыыр дарын хайдах утарсарый?
            4.  «Мин ол соҕотоҕун тугум буруйугар иитиэмий? Сыл биэс-
               тэн  биирин  көрүөм,  онтон  ордугун  атын  оҕолоргор  сы-
               рыттаҕыҥ  дии»,  —  диэн  Одьулуун  этиитин  туох  дии  са-
               ныыгыт?
            5.  Сайсары:  «Киһи  диэн  иитиллибитинэн  да  буолар  эбит.
               Туох  гынаары  оҕобун  кэҕэлэргэ  биэртим  буолуой?»  —
               диэн этии тэ туох ис номохтооҕуй!
            6.  Сайсары ким хараҕа суох оҥорбутун сэрэйбэтэ буолуо дуо,
               тоҕо Мөкүөйэни дьүүлгэ туруорбатый?



                Тыыннаах тыл

               «Уолака атыыһыт уодаһына», «Мөкүөйэ уонна Сайсары» тиэмэ-
            лэргэ өйтөн суруйуу.






                                                                      147
   142   143   144   145   146   147   148   149   150   151   152