Page 144 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 144
Сайсары (бүк түһэр). Тоойуом, ытаама. Эр киһи ытаа-
бат баҕайы. Оҥоруубут итиччэ буоллаҕа дии. Ол да буоллар
Бөтүрүөбүс судаарыскайдаахха баран, дьыалата оҥорторон
көрүөх. Бу туох ааттаах хараҥа баттыгаһай? Үтүө айылаах
буол лар, эдьиийгэр, 11 сыл хамначчыттаабытын иһин, ити көө-
дөйө сытыйбыт Куудай баай бэйэтэ хамнас төлүө этэ. Чэ, кэл,
та һаар миигин эдьиийгэр.
М о һ у о к таһаарар.
М ү л д ь ү (олорон эрэн таҥараҕа үҥэр). Айыы тойон,
биһиги оҥоруубутун уларыт. Мин эдьиийбин тириэр. Тириэр-
бэккин, өссө эбии Чуоккабытын киһиэхэ биэрдиҥ. Чуоккабы-
тын төттөрү аҕалтар. (Улаханнык.) Төттөрү аҕалтар!
С а й с а р ы, М о һ у о к киирэллэр.
С а й с а р ы. Тоойуом, Мүлдьү, биһиги убайгынаан Бөтү рүө -
бүстээххэ бардыбыт. Эдьиийиҥ арыый дьэгдьийбит. Туруом
диэн, сатыын ырбаахытын, ньиэндэтин ылаахтаата. Барыҥ,
мин уот оттон тоһуйуом диэхтээтэ. Чэ, тукаам, Моһуок, ыл,
кэт хортуускун уонна тымтакаҕын ыл, баҕар, Уйбааннаахтан
балык ылыахпыт. Чэ, бара охсон кэлиэх. (Бараллар.)
М ү л д ь ү. Иэхэйбин дээ, эдьиийим турар үһү. Ити аата,
таҥара дьүлэй эбит буоллаҕа. Аны, дьэ, мин улаханнык саҥа-
ран, Чуокка чааһынан үҥүөм… Чуокканы төннөттөрүөм. Бэйэ,
кэнники, билигин эдьиийбитин кэтэһиим… (Иһиллиир). Һа, ам-
паар аана аһылынна… Кыратык сөтөлүннэ… Тохтоото… Тыый,
атаҕын тыаһа иһиллибэт, арай тыынара эрэ иһиллэр. Чугаһаа-
та. Чугаһаата… Тыый, тыынара кылгаһыан, киһи куттаныах…
(Оронугар дьөлө түһэр, суорҕанынан саптар.)
Н ь у р г у у киирэр.
Н ь у р г у у (ыксаабыт киһи, кэриэлитэн эрэ киирэн, нэһии-
лэ модьоҕоҕо тиийэн олорор). Һуу! О, тыынар салгын… баҕа-
лаах буоллаҕын… Балаҕаным эрэйдээх… аны эн уҥа оронуҥ
үрдүгэр үс эрэ хонорум хаалла быһыылаах… (Ытыыр.)
М ү л д ь ү. Эдьиэй, ытаама, оччоҕо мин эмиэ ытыам…
Н ь у р г у у. Тоойуом… Бүөккэ уолга этээр: миигиттэн
хоргуппатын. Саас аайы мин уҥуохпар кэлэ сырыттын. Ньур-
гуһунна аҕалар буоллун. Мин күүтүөм. Кэлбэтэҕинэ ытыам…
Этээр… Этиэҥ дуо?
М ү л д ь ү. Этиэм.
Н ь у р г у у. Миигин онно, булгунньахха көмнүннэр. Эһи-
ги сайылыкка көһөргүтүн көрө сытыам… Саҥа ньиэндэбин
144