Page 140 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 140
ыраас да сүрэхтээх буолан үөскээн эрэр эбиккит. Миэхэ эгэ
эрэ буоллаҕа дии, онто суох быһа көһүөккээн өлөрдө.
Н ь у р г у у. Мөкүөйэҕэ да салаппыт диэн…
С а й с а р ы. Кэбис, тоойуом, онтукаҥ табылыннар эрэ
кимнээҕэр да эмтээх.
У о л а к а. Эмтээх дииллэр, ол иһин. Баҕар, бэйэҥ бил,
мин төттөрү да ыытыам.
С а й с а р ы. Кэбис да, тукаам, инньэ диэмэ, оҕом дьол-
лууруттан, хата, мүччү түспэппин.
М ө к ү ө й э киирэр.
У о л а к а. Мөкүөйэ, бу үөлээннээҕиҥ Сайсары хараҕа
ыалдьыбыт. Ыл, салаан биэр, иэскин бырастыы гыныам.
С а й с а р ы. Инньэ гынан кулу. Мөкүөйээ, көрдөһөбүн,
абыраа.
М ө к ү ө й э. Оо, эн эбиккин дуу, дьүөгэм эрэйдээх. Дьэ
муҥ буолар эбит!..
У о л а к а. Чэ, тугуҥ тылай, олорума, салыы охсон кэбис.
М ө к ү ө й э. Салаан, тойоон, салаабакка ханна барыа-
мый?.. Чэ, эрэйдээх, кэл олор. (Таҥаһын быыһыттан эмин
ылан айаҕар салбыыр.) Кириэстэн, эрэйдээх. Хантай. (Тылын
таһааран баран, хаһыытыы түһэ-түһэ, Сайсары икки хараҕын
салыыр. Эмин тобоҕун тылыттан хастыы тардан сиргэ бы-
раҕар.) Чэ, сыччах, дьүөгэм эрэйдээх… (Төттөрү хайыһар, ха-
раҕын соттор.)
Сайсары (хараҕын саба баана-баана). Баһыыба, эдэр
тойонуом. Бу курдук кыраларгын аны да аһынар буол. Үтүөҕүн
ыччаттарым да умнуохтара суоҕа.
У о л а к а. Ийэм барахсан, үтүө алгыскар баһыыба. (Ары-
гы кутан биэрэ-биэрэ.) Мэ, маны мин доруобуйабар түһэрэн
кэбис уонна биир үтүө ырыата ыллаа.
С а й с а р ы. Хор, доҕор, оҕом аны уоттаах арыгынан утах-
тыыра итэҕэс эбит дии. Чэ, баһыыба. (Иһэр.) Ырыаны да ыл-
лаан, алҕаан бөҕө буоллаҕа дии, оҕобун. Чэ, иһит… («Дьэ-ээ-
бо-ооо!» — диэн ыллаан дьиэрэтэн киирэн барар.)
Б ы ы с
ИККИС ХАРТЫЫНА
М ү л д ь ү (таҥара диэки көрөн олорон кириэстэнэр).
Эдьиийбин, айыы таҥара, үтүөрт. Биһиги эдьиийбит үчүгэй
ээ, эн уонна кинини тоҕо ыарытыннараҕын.
С а й с а р ы көрбөт буолан, тайаҕынан талбаатанан киирэр.
140