Page 143 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 143
туохтааххыный, тугунан төлүүгүн, кыыһыҥ 11 сыл аһаабытын,
таҥныбытын?
С а й с а р ы. Тугум кэлиэй? Урут хоруй туттарбыт көлөһүм-
мүт буолар этэ. Аны онтукабыт да баҕалаах.
М о һ у о к уол ынах ыыр ыаҕайалаах киирэн кэлэр.
М о һ у о к. Ийээ, ынахпын аҕаллым. Ыаҕайаҥ бу баар.
С а й с а р ы. Чэ, бэйэ, тахсыахпыт. (Ыаҕайатын ылан
тоҕонохтонор.)
Б ы ы п с а й. Тугуҥ да суох курдук саҥараҕын да, оттон
ити ынахтаах эбиккин буолбат дуо. Пахай даҕаны уонна тугуҥ
тылай. Нохоо, чэ, тур. Айылааҕын биһиги ол куһаҕан да ынаҕы
илдьэн көрүөх.
С а й с а р ы. Хайа, тойонуом, ол соҕотох биир ынахпын
бииринэн дуо? Уонна биһиги хайдах тыыннаах буолабыт, бачча
дьон.
Б ы ы п с а й. Чэ, ону эн миэхэ баайсыма. Баҕар, ынаххын
эн сарсын сиэн кэбиһиэҥ, оччоҕо мин ырааспын хантан булуо-
муй? Чэ, нохоо, тахсыах.
С а й с а р ы. Чэ, оттон тойонум, көрүөххүн-харайыаххын
билиминэ тутан ылар буоллаххына — ыл, күүһүлэһэр кыах суох.
Б ы ы п с а й. Хата ылабын.
Б ы ы п с а й д а а х тахсаллар.
М о һ у о к. Ийээ, Чуоккабытын ылар дуо? Мин биэриэм
суоҕа. (Үөттүрэҕи ылан, ааҥҥа баран турар.) Ийээ, туппут-
тар. (Сүүрэр.) Тыытымаҥ! Чуоккабын биэриэм суоҕа! Биэриэм
суоҕа… Ылыҥ, аҕалыҥ ынахпын!..
Б ы ы п с а й (саҥата). Нохоо, бу туох буолбут иирээки
уолуй? Бар, киэр буол!
Мас тыаһа «чап» гына түһэр.
М о һ у о к (саҥата ытыы түһэр). Айыккабыын, айыкка-
бын да!.. Ы-ый! Чуоккаа, Чуоккаа, барыма… мээх-мээх!..
Мүлдьү хараҕын уутун соттор. Торбос мэҥириир. М о һ у о к киирэр.
С а й с а р ы. Оҕом сыыһа, ынаххын ыабытыҥ дуо, эдьии-
йиҥ үүт иһиэм этэ диэхтээбитэ…
М о һ у о к (аһын саҕатыттан хаан саккыраабыт). Илтилэр.
(Оһох чанчыгар өйөнөн турар.) Чуокка барымаары гынар, кэн-
нин хайыһан көрөр, ону таһыйа-таһыйа илдьэ бардылар. Оҕото
муннун тыаһата-тыаһата мөхсө турар, мэҥириир.
Торбос үстэ-түөртэ мэҥириирэ иһиллэр.
143