Page 148 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 148
АНААН ДЬҮҮЛЛЭҺИИ
1. «Көмүс курдук күүстээх суох дуо?» диэн этии төһө олох-
тооҕуй?
— О, сорум эбит… Ымсыыртаҕыҥ баҕас тугун кыһыы-
тай… Кы һалҕа бөҕө олуйан, кылгас бөҕө кыайан, мин
сор доох аньыыга-хараҕа киириэх бэйэм буолуо буоллаҕа
дуо… Чэй биэриэҥ дуо? — диэн Мөкүөйэ этиитэ. Киһи тус
кыһалҕатын быһаарар туһуттан атын, тиэрэ суолу тутуһуон
сөп дуо? Мөкүөйэ тоҕо итинник угаайыга киирэн биэрдэ?
Хайдах гыныан сөп этэй?
— Уолака киһини хараҕа суох оҥорон баран тоҕо ыллаа-
та? Көмүскэ, баайга өйүсанааны сүүйтэрии, киһи бодотун
сүтэрии.
— Көмүстээҕэр күндү туох баарый?
2. «Сайсары — көҥүл өй, күүстээх санаа көстүүтэ»:
— оҕолоругар, боростуой дьоҥҥо, Быыпсайга, Уолакаҕа, Са-
тараалга сыһыана;
— Сайсарыны тоҕо «Ырыа Сайсары» диэн дьонсэргэ аат-
тыыра буолуой?
ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ
Сайсары диэн аат этимологията.
Аах. Бил. Туһан
1. Максимов Д. Суорун Омоллоон драматургиятын сүрүн ура-
тылара // Хотугу сулус. — 1986. — 9 №.
2. Окороков Г. Суорун Омоллоон драмалара // Окороков Г.
Сүрэх муудараһа. — Дьокуускай, 1982.
3. Сивцев С.-Доллу. Улуу артистары бэлэхтээбит драматург
// Чолбон. — 1996. — 9 №.
4. Спиридонов И. Г. Героическое в жизни и творчестве // Спи-
ридонов И. Г. Литературабыт бэҕэһээ уонна бүгүн. — Дьо-
куускай, 1995.
5. Суорун Омоллоон. Иһирэх тыл. — Дьокуускай: кинигэ
издвота, 1974.
148