Page 151 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 151
Хара тыаҕа хардаҥ эһэ
Харбаан ылыах курдуга.
Ханна барыай, хайдах гыныай?
Хараҕыттан уу-хаар баһан,
От түөһүгэр ыттан тахсан
Утуйарга санаммыта…
«Ол да иһин дьоннорум
Оскуолабар барарбын,
Онон-манан уҕалдьытан,
Уһатан испит эбиттэр.
Суох, суох, оннук буолуо суоҕа,
Соҕотох сарсын барыам мин!..
Оҕолору, учууталбын
Онно хайтах көрсөбүн?
«Ийэм, аҕам күүстэринэн
Эргэ биэрэн кээстилэр, — диэн,
Дэлэй-былас туттунан,
Дьэ, кэпсиэх, этиэх бэйэм дуу?
«Ол кимиэхэ?» — диэтиннэр,
«Оҕонньорго…» — диибин дуу?
Оо, сор эбит, аат уола,
Оҕонньор буола-буола!
Ол кэриэтин орто буорга
Олорботох быдан ордук…»
Халлаан кыырпах сулустара
Кыламнаһа турбуттара.
Хараҕын симэ, аһа кыыс
Кыайан уута кэлбэтэҕэ.
Ымыы ити кэнниттэн,
Дьонун аахха барбакка,
Ыалларынан хонуталаан,
Туор-муор соҕус сылдьыбыта.
Ирдээн булан аҕата —
Илдьэ, ааттыы сатаан баран,
Барсыбатын кыһыытыттан
Баттахтаһан турбута.
Ымыы диэн да ааттаннар,
Кыыспыт өһөс эбит этэ:
Ылдьаа кырбаан даҕаны
Кыайан ээҕин ылбатаҕа…
151