Page 152 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 152
Тылбытын байытабыт
Иһириктээх ойуур — хойуу кыра титириктэрдээх тыа.
Ээбиллэлээх — саас, хоту ааһан, туундараҕа сымыыттыыр үөл
кус (нууч. морянка).
Эҥэлдьийэн — ыраахтан мас быыһынан көстөн.
Боспуйа — кэбиһиилээх кыра от.
Ойуун кэрэҕэ — толукка туттуллубут сүөһү тириитин ыйаабыт
мас.
Уҕалдьытан — аралдьытан, уһатан.
II.
Улууһунан эргийэн,
Дьокуускайга төннөн иһэн,
Устуруутал — эдэр дьахтар
Тоҕоон-тохтоон ааспыта.
Устуруутал туһунан
Дуруускаһыт Хобороонньо,
Урут билэн, куолутунан,
Дьоҥҥо кэпсээн тарҕаппыта:
«Дьэ, эмиэ дууса кэлбит,
Чиэски, чиэски, сэгэрдэр!
Баттаҕын кып-кылгас гына
Кырыттаран кэбиспит.
Баскыллыбыт ыстааннаах,
Кыычырҕастаах саппыкылаах.
Биһилэҕи, ытарҕаны
Билиммэтэх бэйэлээх.
Эгэ былаат кэлиэ дуо —
Эр киһилии хоттуустаах.
Сэһэниттэн иһиттэххэ, —
Сэлээрчэхээн, сэбирдэх,
Адьас киһи буолбатах,
Абааһыллай быһыылаах».
Эмээхсиммит төһө да
Ити курдук сиилээтэр,
Кыыдаанаба устуруутал,
Кырдьык, сүрдээх кыыс этэ.
Актыып дьону кытары
Ыччаттары ыҥыран,
Арааһынай боппуруоһу
152