Page 157 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 157
IV.
Ымыы куоракка киирэн, эмчит идэтигэр үөрэнэр. Бэйиэ-
мэҕэ салгыы ол кэмнээҕи ыччат күннээҕи олоҕо хоһуйуллар.
Ымыы бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар, комсомолга киирэр.
Ол кэмҥэ дойдутугар саҥа олоҕу тутуу күүрээннээх кэмнэрэ
саҕаланар. Ылбай уола Ылдьаа улахан дьону ааҕарга-суру-
йарга үөрэтэр ликпууҥҥа суруйтарбыт.
Ылдьаа, Ымыы аҕата,
Ыһыырынньык уматынна.
Кугас бороон суумкаттан
Кумааҕытын хостоото.
Онтон дьэ, сүр боччумнаахтык
Остуолугар бүк түһэн,
«Хатан» хаалтын илитээри
Албастанар киһилии,
Харандааһын субу-субу
Айаҕыгар илдьэ-илдьэ,
Тугу эрэ ботугуруу,
Тохтуу-тохтуу, суруйда.
Өр үлэлээн, сылайбыттыы,
Үөһэ тыынна, табахтаата,
Чэчэгэйин тарбаммахтыы,
Дьэбдьиэйигэр кэпсээтэ:
— Ок-сии, маннык үөрэнэн,
Оҕом ыытар суругун
Бэйэм ааҕар буолларбын —
Бэрт да буолуо эбит дьэ!
Киһиргээтэххэ, арааһа,
Кирдьик ааҕар да буолуллуо:
Үөрэхпэр мин, билиҥҥитэ,
Үгүөрүгэ дылыбын.
Туоһу уокка уматан,
Тордоон туоһу оҥостор,
Алтан баҕас бэчээппиниин
Арахсыһар инибин…
«О-о» — диэн ордоотуурбут —
«О» буукуба буолар эбит.
«У-у» — диэн уһуутуурбут —
«У» буукуба буолар эбит.
«А»-ны «Т»-лыын холбоотоххо —
157