Page 159 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 159
улахан өттүн быһан ылан, сирэ суох дьоҥҥо түҥэппиттэр.
Ааптар бэйэтин санаатын этэр киллэһиктэрэ — айымньы биир
уратыта.
Тылбытын байытабыт
Ыһыырынньык — сыанан оҥоһуллубут сырдатар тэрил.
Кугас бороон суумкаттан — борооску тириитэ суумкаттан.
Үгүөрүгэ дылыбын — үчүгэй курдукпун.
Туоһу тордоон — туоһу уокка уматан, хоруотун ылыы.
Сиэрпэ — бурдук быһар уктаах токур тимир.
Хомуут — сыарҕалаах аты көлүйэргэ моонньугар кэтэрдиллэр
тэрил.
Кириҥэҕэ — түөлбэ тыла: кинигэҕэ.
V.
Дуомат саҕа Лэглээриннээх,
Дьулаан Сыллай бандьыыттаах
Аакка киирбит «Сааскы кэмнээх»
Амма-Таатта Аччыгыйын;
Мэндэл хайа үрдүгэр
Мэҥэлэри үйэтиппит
Адьас саҥа Кыра Уолу
Айан кээспит Сэргэйбит;
Эдэринэн кырдьаары,
Элэ тылын этэн эрдэн,
Эргэрбэккэ эллэһэр
Эллэй бэйиэт даҕаны
Элбэх өстөөх геройдара,
Эчи бары кэриэтэ,
Охсуһуунан тыыланан,
Уоттуур-ытар саҥнаахтар…
Уойбун диибин, сэгэрдээр,
Улдьаардаҕым тугун бэрдэй?
Урут Уйбаан Арамаанап
Уонна били Күөгэлэп —
Ол саҕана кириитиктэр,
Оттон бүгүн — үөрэхтээхтэр ——
Биэһин сирэн, биирин хайҕаан,
Билэр буолан, өйөөн-тайаан,
Бэйиэт аатын бэлэхтээбит
159